Сахам сирин күндү олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Быйыл биһиэхэ бэлиэ сыл тосхойдо. 125 сыл анараа өттүгэр, 1892 сыл олунньу 13 күнүгэр, саха норуотугар үөрэх сырдык суолун арыйбыт чаҕылхай киһи – Семен Андреевич Новгородов күн сирин көрбүтэ. Кини – сахалартан тыл үөрэхтээх бастакы учуонай, уһулуччулаах сырдатааччы, саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи.
Семен Андреевич сахалыы тылынан бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут, бэчээттэппит, дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕаппыт киһи буолар. Быйыл сахалыы букубаар төрүттэммитэ 100 сылын туолла. Биир үйэ устата биһиги билии, үөрэх, сайдыы суолунан эрэллээхтик айаннаан кэллибит, бүгүн кэскилбитин түстүүбүт, өссө да үрдүк чыпчааллары дабайар сыал-сорук туруорунабыт.
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр норуоттары сомоҕолуур күн. Төрөөбүт тыллаах буоламмыт, өй-санаа сайдар, сиэр-майгы тупсар, ил-эйэ олохсуйар. Нуучча, саха уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарбыт: эбээн, эбэҥки, долган, юкагир, чукча төрөөбүт тылларын харыстаан, чөл туруктаах көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тириэрдэр дьоһун сорукпутун, ытык иэспитин толорорго бары бииргэ дьулуһабыт, тиһиктээх үлэни ыытабыт.
Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ыччат сылын биллэрдибит. Ийэ тылбыт инники кэскилэ кинилэр сылаас илиилэригэр бигэнэн чэчирии сайдыаҕа диэн эрэнэбит.
Ытыктабыллаах бар дьонум!
Ис сүрэхпиттэн эһиэхэ чэгиэн-чэбдик буолууну, олоххо табыллыыны, сайдыыны баҕарабын! Төрөөбүт тылгытын харыстааҥ, ытыктааҥ!
Саха
Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов