22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Егор Борисов: Саха сирин былааһа өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар үлэлиир улахан тэрилтэлэри салгыы өйүөҕэ

11:07, 19 июля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар үлэлиир тэрилтэлэр федеральнай уонна регионнааҕы сокуоннары тутуһар эрэ буоллахтарына, Саха сирин былааһын уоргана кинилэри өйүөҕэ. Туох-ханнык иннинэ олохтоох үлэһиттэргэ сыһыаннаах сокуоннар тутуһуллуохтаахтар. Егор Борисов бу туһунан от ыйын 18 күнүгэр буолбут тэрилтэ салайааччыларын кытта көрсүһүүгэ эттэ.


«Биһиги тэрилтэлэргэ сыһыаммыт уларыйбат. Компания ис дьыалатыгар былаас орооспот, наада буоллаҕына өйүүр сыаллаах-соруктаах. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар сыһыаннаан федеральнай уонна регионнааҕы сокуоннары бу тэрилтэлэр төһө тутуһулларын хонтуруоллуохпут. Саҥаны айбаппыт, ол эрээри ити чопчу уонна чуолкай ирдэбил», — диэтэ Егор Борисов.

Бастакы вице-премьер — экономика миниистирэ Алексей Стручков этэринэн, бөдөҥ инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэриигэ Саха сиригэр уопсайа 159 компания үлэлиир, итинтэн 128 өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр регистрациялаахтар. Регион бюджетыгар бу тэрилтэлэртэн нолуок быһыытынан киирэр дохуот кээмэй үрдүү турар: 2012 сылга — 15 млрд, 2015 — 23 млрд. солк.

Маны таһынан Саха сирин бырабыыталыстыбата сорох бөдөҥ тэрилтэлэри кытта социальнай-экономическай сайдыыга сыһыаннаах бырайыактарга бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэһиилэргэ илии баттаабыттар. Билигин 34 сөбүлэһии үлэлиир, онтон 18-һа Газпром, АЛРОСА, «Сургутнефтегаз», «Транснефть», «Полюс Золото», о.д.а. улахан компаниялары кытта түһэрсиллибит.

Холобур, «Сургутнефтегаз» үлэтин саҕалыаҕыттан ыла социальнай суолталаах бырайыактары олоххо киллэрэргэ тус сыаллаахтык 2 млрд солк. ыыппыт. Ону таһынан Ленскэй улууһун олохтоох ыччатын үөрэтэр уонна үлэнэн хааччыйар туһунан эбэһээтэлистибэни ылыммыт. «Транснефть» тэрилтэттэн нолуок быһыытынан киирбит 5 млрд тахса солк. социальнай инфраструктураҕа угуллубут. АЛРОСА сылын аайы үүнэр көлүөнэ фондатыгар үп-харчы ыытар. Кэлиҥҥи сылларга ити кээмэйэ 4 млрд.солк. куоһарбыт. Ону таһынан алмаас тэрилтэтэ үлэлиир тоҕус улуустарыгар сөбүлэһиилэргэ илии баттаабыт. Алексей Стручков эппитинэн, компаниялары кытта маннык хардарыта дьайсыылаах хайысха салҕанан барыаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА