4 Ахсынньы 04.12
  • -26°
  • $ 106,19
  • 112,02

Үөһээ Бүлүү улууһугар саҥа үөрэх дьылын көрсө футболлуур площадка арылынна

13:34, 03 сентября
Хаартыска: Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүү улууһугар «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак иһинэн үлэлиир «Успех каждого ребенка» федеральнай бырайыак чэрчитинэн Дүллүкү орто оскуолатын сиригэр саҥа футболлуур площадка арылынна, диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу спорт площадкатын тутуутугар улуус бюджетыттан 1,5 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ. Онно эбии 859 тыһыынча солкуобайы «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин көрөн площадка иһэ анал газонунан бүрүлүннэ.

Хаартыска: Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата

Үөрэх сылын бастакы күнүгэр үөрүүлээх линейкаҕа футбол площадкатын арыйыы сиэригэр-туомугар Дүллүкү нэһилиэгин баһылыга Николай Романов, МАУ «ОАЗИС» салайааччыта Валерий Семенов уонна Дүллүкү оскуолатын дириэктэрэ Тихон Егоров лентаны быстылар.

Арыллыбыт футболлуур площадкаҕа Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччилэрин, учууталларын эҕэрдэлиир үөрүүлээх линейка ыытылынна. Быйылгы үөрэх сылыгар Дүллүкү оскуолатыгар 14 оҕо маҥнайгы кылааска киирдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА