Ыам ыйын саҥатыттан СӨ судаарыстыбыннай тутуутун уонна олорор дьиэ надзорын управлениетыгар саҥа объектары тутуу саҕаламмытын туһунан 15 иһитиннэрии киирдэ. Олор истэригэр бырамыысаланнай аналлаах 11 объект, үс олорор дьиэ уонна үөрэх комплексын биир объега, диэн СӨ госстройжилнадзор управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бырайыактыыр докумуон быһыытынан 3172,26 кв миэтэрэ иэннээх таас икки этээстээх таас дьиэ уһуйаан уонна оскуола диэн туспа блоктарынан арахсыаҕа, хас биирдии объеккка туспа ааннаах буолуоҕа. Бастакы этээскэ астыыр сирдээх остолобуой, медицинскэй кабинет, мастарыскыайдар былааннаммыттар. Иккис этээскэ үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр кабинеттар, спортивнай уонна аактабай саалалар, ааҕар саалалаах библиотека, административнай-бытовой кабинеттар туруоруллуохтара.
Оҕо саадыгар оонньуур, утуйар хостор, сыгынньахтанар сир, буфет уонна туалет, музыкальнай уонна физкультурнай дьарыктарга аналлаах саалалар, логопед кабинета, буфет, таҥас суунар хос, техническэй кабинеттар көрүллэллэр. Объегы инбэлиит оҕолорго табыгастаах гыныахтара.
«Тутуу үлэтин саҕалаабыттарын кэннэ оскуола-саады бэрэбиэркэлиир бырагыраама оҥоһуллуоҕа. Билигин надзорга 43 үөрэх объега баар, онтон 24 оскуола, уон оҕо саада уонна тоҕус эбии тутуулар бааллар», — диэн СӨ госстройжилищадзорун управлениетын салайааччыта Павел Аргунов чуолкайдаата.