21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Үөһээ Бүлүү улууһугар чэпчэки сыаналаах бородууксуйаны аҕалан тарҕаттылар

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Үөһээ Бүлүү улууһугар эрдэ сайаапка биэрбит 10 нэһилиэккэ  ас бородууксуйатын чэпчэки сыанаҕа аҕаллылар, суруйда Саха сирэ саайт. Маны сэргэ сылгы, ынах, сибиинньэ, дьиэ көтөрүн эбии аһылыга тиэллэн кэллэ.

Тиэйэн аҕалыы бородууксуйа сыанатыгар киирэ сылдьар буолан, нэһилиэктэринэн тириэрдии босхо буолла. Ол курдук бэҕэһээ сакаастаныллыбыт таһаҕаһы тиэйэн аҕалан, Маай, Боотулуу, Ороһу, Балаҕаннаах, Нам, Хоро, Хомустаах, Кырыкый, Мэйик, Сургуулук, Андреевскай нэһилиэктэригэр тиксэрдилэр.

Уопсайа 920 тыһыынча суумаҕа 22 туонна кэриҥэ бородууксуйа тиэллэн кэлэн, нэһилиэктэринэн тарҕатылынна диэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА