22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр көхтөөх дьон Киинэ сылын тэрээһинигэр кытыннылар

12:12, 29 сентября 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственноһын күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, ону тэҥэ Россияҕа Киинэ сылын чэрчитинэн, Үөһээ Бүлүү улууһагар «Күөх экрантан сиэттэрэн» диэн тэрилтэлэр икки ардыларыгар норуот сөбүлээн көрөр сэбиэскэй кэминээҕи киинэлэриттэн быһа тардан дьүһүйүү күрэҕэ буолла.


Сонун, интэриэһинэй, улууска аан бастаан ыытыллыбыт тэрээһини П.Н.Тобуруокап аатынан культура киинин уонна Норуот айымньытын киинин коллективтара көҕүлээн тэрийдилэр.

Государственность күнүнэн эҕэрдэни «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон баһылыгын солбуйааччыта Спиридон Борбуев эттэ. «Государственность күнэ биһиэхэ — үөһээ бүлүүлэргэ — үрдүктүк сыаналанар, улахан суолталаах. Ол курдук, киэн туттар биир дойдулаахпыт политическай, государственнай деятель, Саха Автономиятын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, саха чулуу уола Исидор Никифорович Барахов үтүө аатыгар сүгүрүйэн туран, бу күн ураты чугас», — диэтэ кини.

Салгыы киинэ кэрэ алыбар ыллардыбыт. Оччотооҕу киинэлэртэн быһа тардан көрдөрүүлэрэ биир тыынынан ааста. Ол курдук, «Семнадцать мгновений весны», «Приходите завтра» киинэттэн Фрося Бурлакова, оччотооҕуга дьахтар аймах кутун туппут «Танцор диско» сүрүн артыыһа Митхун Чакраборти уобарастара, ону тэҥэ Индия киинэтин үҥкүүһүттэрэ, «Ирония судьбы или с легким паром», «Свадьба в Малиновке» киинэлэртэн музыкальнай пародиялары үҥкүүлээн-ыллаан, ойон-тэбэн күрэх кыттыылаахтара көрдөрдүлэр.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Саха Республикатын Культуратын үтүөлээх үлэһитэ Татьяна Семеновна Борисова, ССРС кинематографиятын туйгуна Тамара Трофимовна Егорова уонна эдэр кэскиллээх үлэһиппит, кинорежиссер идэлээх, хас да киинэни уһулан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт Иван Тойтонов үлэлээтилэр.

Түмүккэ Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А.Алексеев аатынан республикатааҕы лицей-интернат коллектива 1-кы миэстэни ылыан ылла. «Из хроники советских фильмов» диэн хас да киинэни холбоон, олус элбэх уобарастары арыйан киинэ попурритын бэлэхтээн көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөхтүлэр. Иккис миэстэни «Иэйии» сынньалаҥ киинин коллектива «Белое солнце пустыни» киинэттэн быһа тардан, сахалыы саҥанан оонньоон көрдөрбүттэрэ ытыс дохсун тыаһынан доҕуһуолланна. Онтон үһүс бириистээх миэстэни «Тускул» оҕо киинин коллектива оччотооҕу оҕолор сөбүлээн көрбүт «Буратино» остуоруйабытыттан быһа тардыылара ылла.

Тэрилтэлэр көхтөөхтүк кыттыбыттара көрөөччү да, дьүүллүүр сүбэ да өттүттэн үрдүк сыанабылы ылла. Ю.Н.Прокопьев аатынан орто оскуола учууталлара «Ирония судьбы или с легким паром» киинэни көрдөрөн анал бирииһи ыллылар.

«Улууспутугар биллэриллибит Дьон көҕүн уонна түөлбэнэн сайдыы сылыгар үлэһит коллективтар кыттыылаах тэрээһиннэрэ тиһигин быспакка ыытыллара киһини үөрдэр. Кыттыбыт тэрилтэлэр олус үөрэн-көтөн, астынан, бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар. Улууспут олохтоохтор ыытыллар тэрээһиннэртэн туора туран хаалбакка кыттан иһэллэриттэн биһиги, дьон сынньалаҥын тэрийэр культура эйгэтин үлэһиттэрэ, олус диэн үөрэбит уонна астынабыт», — диэн П.Н.Тобуруокап аатынан сынньалаҥ киинин директора Алена Босикова санаатын эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА