22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ бүлүүлэр кыстыкка бэлэмнэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Билигин тыа сиригэр кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ барар. Үөһээ Бүлүү улууһугар ким хотон сыбыыр, ким ырааһырдынар, ким дьиэ туттар, биир кэм үлэ күөстүү оргуйар. СИА-ҕа анаан Бүлүү федеральнай трасса кытыытыгар сытар нэһилиэктэри Кристина Яковлева кэрийдэ.


БАЛАҔАННААХ

Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сылыгар ыытыллар үлэ чэрчитинэн нэһилиэккэ 500 тыһыынча солкуобай суумалаах оҕо оонньуур-спортивнай былаһаакката тутуллан түмүктэнэн эрэр. Сүрүн үлэтэ бүттэҕинэ, эһиилги сылга анал бүрүөһүнү тэлгэтии хаалар диэн баһылык Степан Иванович Дмитриев кэпсээтэ.

Итиэннэ Балаҕаннаах иһигэр баар күөлү чөлүгэр түһэрии үлэтэ бара турар. Афанасий Бырдакаров салайааччылаах мелиорация тэрилтэтин үлэһиттэрэ күнү-дьылы баттаһа бу күннэргэ үлэни түмүктүүрдүү былаанныыллар.

НАМ

Александр Иннокентьевич Кардашевскай Нам нэһилиэгэр икки нэдиэлэ устата хас бээтинсэ ахсын олохтоохтор субуотунньукка тахсан, уопсайа 300-тэн тахса мас олордубуттар. Ленин уулуссатын тилэри П.Тобуруокап аатынан уулуссаҕа тиийэ эрдэ оҥоһуллубут палисадниктарга мас, талах арааһын уонна Аҕа дойду Улуу сэриитигэр охтубут буойуттарга анаммыт мэҥэ таас тулатыгар анаан Балаҕаннаах сириттэн отонноох мастары аҕалан олортулар. Субуотунньукка тэрилтэлэр, түөлбэлэр техникалаах дьоно ойууртан мас аҕалыытыгар күүс-көмө буолан олус көхтөөх үлэ барда дэһэллэр.

Сынньалаҥ киинин, дьаһалта уонна социальнай эйгэ үлэһиттэрэ алтынньы 14 күнүгэр кырдьаҕастар күннэрин бэлиэтээри бэлэмнэнэллэр. Нэһилиэккэ 80-ча кырдьаҕас минньигэс астаах остуолга бу ыҥырыыны тутан олорор.

ОРОҺУ

«Бу күннэргэ саҥа кулууппут дьиэтэ ахсынньы ыйга үлэҕэ киирдэр диэн күүстээх үлэ бара турар. Ититэр ситимэ киириэҕэ, оччоҕо уотун тардыыта, кырааскалааһын, сууйуу-сотуу үлэлэрэ хаалыахтара.

Саҥа хотоҥҥо 120 төбө ынах сүөһү киирэн турда, саҥа үлэ миэстэлэригэр номнуо үлэһиттэр киирэн үлэлии сылдьаллар. Онон хаһаайыстыба салайааччыта Владимир Эрикович Павлов настырыанньалаах.

Тупсарыныы сылыгар анаммыт үлэ тэтимин ыһыктыбакка ыытыллар. Ол курдук, Кыайыы уонна сынньалаҥ болуоссата, итиэннэ «Үлэ албан аата» скверэ тимир эрэһиэҥкэ олбуорданна уонна эргиччи уоттанан-күөстэнэн, тула өттө сандаарда. Сынньалаҥ болуоссатыгар оҕо оонньуур былаһаакката сакаастаммыта, бу күннэргэ тиэйэн аҕалалларын күүтэн олоробут», — диэн нэһилиэк баһылыга Анатолий Васильевич Антонов иһитиннэрдэ.

ТАМАЛАКААН

Саха народнай поэта Сэмэн Руфов аатынан уулусса оҥоһулунна. Маныаха чааһынай урбаанньыт В.А. Захаров биригээдэтэ үлэлээтэ. Оҕо оонньуур былаһааккатын тулата тимир күрүөнэн эргитилиннэ. Кыраһыабай оһуордаах олбуору олохтоох чааһынай предприниматель Василий Третьяков оҥордо. Бу күннэргэ былаһаакка инвентара кэлэрэ күүтүллэр. Ону таһынан сынньалаҥ киинин дьиэтигэр үлэлиир олохтоох библиотекаҕа 1 мөлүйүөн солкуобай суумалаах өрөмүөн ыытыллыаҕа. Ититэр ситими саҥардыы, ис отделка үлэлэрэ бу суумаҕа толору эппиэттиир буолуохтара. Бу туһунан дьаһалта сүрүннүүр специалиһа Нюргуяна Иванова кэпсээтэ.

ХАРБАЛААХ

Иллэрээ сылтан тутулла турар арочнай спортивнай саала сотору кэминэн үлэҕэ киирэрин олохтоохтор сэмээр кэтэһэллэр. Дьокуускайтан аукциону кыайбыт тутуу биригээдэтэ кэлэн үлэтин саҕалаата. Билиҥҥи туругунан ититэр ситимэ оҥоһуллар, кырааска уонна бытархай үлэлэрэ хаалла. Бу ыйга нэһилиэнньэ субуотунньукка тахсан бөҕү-сыыһы ыраастыахтара, спортзал территориятын хомуйуохтара. Толору хааччыллыылаах спортивнай саала гаас ситимигэр холбонуоҕа. Спортивнай инвентардары, тренажердары олохтоох дьаһалта сакаастаан олорор.

Маны таһынан сынньалаҥ киинигэр быстах өрөмүөн ааста. Тэрилтэ ааннарын, түннүктэрин уларытан, сынньалаҥ киинэ саҥалыы көстүүлэннэ диэн нэһилиэк дьаһалтатын социальнай үлэһитэ Мария Платонова кэпсээтэ. Саҥа өрөмүөннэммит кулуупка бастакы тэрээһининэн алтынньы 12 күнүгэр кырдьаҕастар күннэрин бэлиэтиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА