22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ бүлүүлэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура киинигэр муһуннулар

17:14, 13 марта 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Үөһээ Бүлүү 85 чаҕылхай түгэннэрэ» быыстапка, «Үүнэ-сайда тур, Үөһээ Бүлүүм!» улуус историятын кэпсиир кинигэ быыстапката, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын атыыта, «Талаан тыллар туоната — Үөһээ Бүлүү» народнай инструменнар оркестрдара, улуус художественнай самодеятельноһын артыыстара кыттыылаах кэнсиэр түһүлгэтэ Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр тэриллэ турар. 


Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура киинэ толору үөһээ бүлүүлэринэн, кинилэр доҕотторунан-атастарынан туолла. Бүгүн манна улуус төрүттэммитэ 85 сылын бэлиэтиир өрөгөйдөөх үөрүү күнэ бэлиэтэнэр.

Наталья Ксенофонтова -Чукиту, Далыртан төрүттээх:

— Дьокуускайга 1969 сыллаахха Далырым орто оскуолатын бүтэрээт, 17 саастаахпар кэлбитим. Боотулууга бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээн баран, 1972 сыллаахха Дьокуускайга букатын көһөн кэлбитим. Бибилэтиэкэ эйгэтигэр үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан олоробун.

Үөһээ Бүлүү күннэригэр сылын аайы кэлэбин. Биир дойдулаахтарбын, дьоммун көрсөн үөрэбин. Тэрээһин наһаа үчүгэй, сылын аайы тупсан, ситэн-хотон иһэр. Үөһээ Бүлүү ХЭТ үүт-ас тэрилтэтин бородууксуйатын сэҥээрдим, астарын арааһын сөхтүм. Олох үчүгэйдик тэриммиттэр. Дойдум сүөгэйин оймоон сиэри күүппүтүм, онон бу киэһэ дьиэбэр тиийэн алаадьы сырылатан, сүөгэйгэ оймоон сиэхпит.

Итиэннэ биллэр ырыаһыт Анна Иванова ыллыырын көрөөрү дьүөгэлэрбин кытта кэнсиэрткэ кэллим. Сахаайта Мойтохоонобо курдук оһуохайдьыт биир дойдулаахпыттан киэн туттабын, оһуохай тылын этэрин олус долгуйан иһиттим. Бүгүн миэхэ ордук долгутуулаах күн буолла, оскуолаҕа үөрэммит оҕолорбун түөрт киһини көрсөн, хаартыскаҕа түстүбүт. Бырааһынньыгынан, доҕоттоор!

«Талаан тыллар туоната — Үөһээ Бүлүү» народнай инструменнар оркестрдара, улуус художественнай самодеятельноһын артыыстара кыттыылаах кэнсиэр саҕаланна.

Улуус баһылыга Владимир Поскачин тэрээһиннэр ис суолталарын чопчулаан биэрдэ: «Биир дойдулаахтарбын, үөһээ бүлүүлэри уонна ыалдьыттары, Дьокуускай куоракка буола турар «Үөһээ Бүлүү күннэринэн» эҕэрдэлиибин! Оройуон быһыытынан тэриллибиппит 85 сылын бэлиэтиибит. Ити эрээри Үөһээ Бүлүү улууһа түҥ былыргы төрүттээх улууһунан биллэр. 85 сыл диэн эттэххэ дөбөҥ, ити эрээри олус элбэх историческай событиены ааһан кэллибит. Ыһыллыы-тоҕуллуу да баара, кэлин олохпут тупсан, сайдыы диэки барабыт. Историябытын көрдөххө, дириҥ силистээх-мутуктаах улуус буолабыт«.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА