23 Сэтинньи 23.11
  • -21°
  • $ 102,58
  • 107,43

Үөһээ Бүлүү Хоротугар тыал спортсаала сарайын суулларда

11:12, 25 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүүгэ сарсыарда 4:00-4:30 саҕана күүстээх тыал түстэ. Олохтоох метеорологическай киин иһитиннэрбитинэн,  13 мс түргэннээх, күүһүрэр кэмигэр 18 мс, тыал түстэ. Салгын -8 кыраадыс. 


Хоро, Дүллүкү, Хомустах нэһилиэктэригэр түүн уот арахсыбыта, сарсыарда 9:00 ч. холбоннулар. Өргүөт, Быракаан, Харбалаах, Тамалакаан нэһилиэктэрэ билигин уота суох олороллор. Маны таһынан Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр Үөдүгэй, Хоптолоох, Тайга, Кэлтэгэй территорияларыгар уонна кииҥҥэ уот суох.

Харгыстары туоратарга олохтоох РЭС үлэһиттэрэ үлэлэһэ сылдьаллар. «Күүстээх тыалга линия харсыһарыттан уот ситимэ арахсарыгар дизель холбонор кыаҕа суох«, — дииллэр үлэһиттэр.

«Балыыһа территорията экстреннэй түгэҥҥэ холбонор генераторынан уоттаах олорор. И. Барахов аатынан оскуола сарайа көппүт, 3 номердаах дьыссаат сарайа көтүөхчэ турар диэтилэр. Улахан суол кытыытынааҕы баннер суулла сытар», — диэн ЕДДС түүҥҥү диспетчерэ Никита Кыдаев иһитиннэрдэ.

Информация сарсыарда 9:35 м. ылылынна.

Күнүскү туругунан тыал намыраабат. Күүһүрэр кэмигэр 19 см түргэнннээх. «Уот ситимигэр өрөмүөн үлэлэр ыытыллаллар. Бу туһанан ЕДДС дьуһуурунайа Василий Алексеев иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА