22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат редакциятын сыаҕыгар саҥа кинигэ бэчээттэннэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Историческай наука дуоктара, ытык киһибит, «Үөһээ Бүлүү» хаһыат эрэллээх доҕоро, сүбэһитэ Никита Деевич Архипов бу сылга үктэнээт, номнуо иккис кинигэтин «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакциятыгар бэчээттиир отделыгар бэчээттэтэн таһааттарда. 

Бүгүн иккис кинигэтин – «Ранний железный век Якутии» тутан үөрдэ-көттө. Кинигэ 50 экземплярдаах. Бэрт соторунан, Никита Деевич бу кинигэтин илдьэ Дьокуускай куоракка историктар уонна кыраайы үөрэтээччилэр конференциятыгар илдьэ барыахтаах, биир идэлээхтэригэр билиһиннэриэхтээх. 

Онтон биһиэхэ бэчээттэммит бастакы кинигэтэ – «Проект возрождения сельскохозяйственного пала в Якутии» Саха сиринэн тарҕанан, ааҕааччы киэҥ биһирэбилин ылла. Никита Деевич кэпсииринэн, бу кинигэни Тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарынан дьарыктанар дьокутааттар үлэлэригэр туһаналлар. 

Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги типографиябытыгар араас кинигэлэри, брошюралары, буклеттары бэчээттээн таһаарабыт. Билигин «Аленушка» оҕо саадын үбүлүөйдээх кинигэтин бэлэмнии сылдьабыт, суруйда @uoheebuluu

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА