Кыайыы 71 сыла. Улуустарга Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээннэрин чиэстээһин буолла.
Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэригэр сэрии-тыыл бэтэрээннэрин, сэрии тулаайахтарын тэрилтэлэринэн, нэһилиэгинэн эҕэрдэлээтилэр.
«Эдэрдэр ол ааспыт история чахчытын ытыгылыы улааталларыгар Кыайыы күнүн бэлиэтээһин биир сүдү дьаһалынан буолар. Биир дойдулаахтарбыт биһиги билиҥҥи сырдык олохпутугар хааннарын тохпуттарын умнар табыллыбат. Билигин биһиги ортобутугар баар ытык дьоммутун умнуо суохтаахпыт. Улуус үрдүнэн БИЭС бэтэрээн баар», — диэтэ бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Иван Чыычаахап.
Үөһээ Бүлүү ытык-мааны дьоно, Аҕа дойду уоттаах сэриитин кыттыылаахтара :
Прокопьев Анисим Григорьевич, Далыр Күүлэт, Дьокуускайга олорор.
Иванов Николай Васильевич, Далыр, Күүлэт, Дьокуускайга олорор.
Яковлев Николай Никитич, Далыр, Күүлэт, Дьокуускайга олорор.Акимов Петр Акимович, Маҥаас.
Конобулов Ариан Аввакумович, Үөһээ Бүлүү.
«Бу ытык кырдьаҕастары хас биирдии Үөһээ Бүлүү киһитэ билиэхтээх. Бэтэрээннэрбитин эҕэрдэлиибит, Кыайыы күнүнэн!» — дииллэр ыччаттар.