Өрөбүлгэ, олунньу 4 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Николай Якутскай аатынан уулуссаҕа чааһынай дьиэҕэ баһаар буолла.
Дьиэҕэ турбут уокка икки оҕо былдьанна. Ол туһунан ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата суруйда.
Баһаарынайдар кэлиилэригэр дьиэ аһаҕас уотунан умайа турара. Уот 56 кв м иэни ылбыт. Баһаары умуруорууга 31 киһи уонна 10 техника кыиттыыны ылла.