Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагырааманан элбэх кыбартыыралаах икки дьиэ үлэҕэ киллэриллэн, олохтоохтор күлүүстэрин туппуттара.
Улуус киинигэр өссө биир элбэх кыбартыыралаах дьиэ Интернациональнай уулуссаҕа тутулла турар.
— «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагыраама чэрчитинэн тутуллар саҥа дьиэ күлүүстэрин сотору кэминэн хаарбах дьиэттэн көһөөччүлэр тутуохтара. Бу дьиэҕэ эбии 2 кыбартыыраны улуус суотугар исписэлиистэргэ анаан ылыахтаахпыт.
Билиҥҥи туругунан тас фасадын уонна ис үлэтин оҥорууга үлэ бара турар.
Быйыл улуус суотугар уопсайа 4 кыбартыыраны ылабыт. Манна учууталлар, быраастар, тустаах исписэлиистэр олоруохтара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутуутун министиэристибэтэ ыытар куонкуруһугар эһиил өссө ситиһиилээхтик кыттан маннык служебнай кыбартыыралары улуус үрдүнэн элбэтэр былааннаахпыт, — диэн улуус баһылыга Валерий Николаев телеграмҥа суруйда.
Саха сирэ