Дьокуускайга «Үөһээ Бүлүү күннэрэ» салҕанан бараллар. «Россия — моя история» история пааркатыгар арыллыбыт быыстапканы сэргэ Олоҥхо ыһыаҕар анаммыт төгүрүк остуол буолла. Санатар эбит буоллахха, өрөспүүбүлүкэ уйгу-быйаҥ ыһыаҕын үөһээ бүлүүлэр 2022 сылга ыытыахтара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар анаан Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммитин 85 сылын киин куоракка бэлиэтиирин элбэх киһи сэҥээрдэ.
2022 сылга Үөһээ Бүлүү улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар. Манна бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланна. Онно аналлаах төгүрүк остуолу улуус баһылыга Владимир Поскачин тэрийэн ыытта.
Мария Турантаева, Олоҥхо театра:
— Олус наадалаах төгүрүк остуол буолла. Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн боппуруостарын мустан кэпсэттибит. Саҕалааһын, бастакы көрсүһүү. Элбэх этиини иһиттибит. Эдэрдэр бааллара үчүгэй. Бастакы буолан, киһи духуобунай сайдыытын тула кэпсэттибит. Онно Олоҥхо ыһыаҕын оруолун ырытыстыбыт.
Саҥа идея элбэх. Бастатан туран, улуус тас көрүҥэ уларыйыахтаах диэн буолла. Үөһээ Бүлүү уратыта, сырдыга, кыраһыабайа, дьоно тута кэпсэнэрин курдук былааннаныахтаах. Үөһээ бүлүүлэргэ урут-уруккуттан «Улуус сыаннаһа — дьоно» диэн кылаан этии өрө тутуллар. Бу барыта Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр көрдөрүллүөхтээх.
Онтон быыстапка туһунан кылгастык санаабын эттэхпинэ, эмиэ эдэрдэр бааллара үөртэ. Манна, хомойуох иһин, билигин биһиги ортобутугар суох биллэр худуоһунньуктар үлэлэрэ туруоруллубуттара ураты тыыннаата. Саҥа тахсан эрэр талаан олохсуйбут ураты көрүүнү кытта алтыһан, дьикти түгэни бэлэхтиир курдук.
Быыстапканы ыытыахпытын баҕарбыппыт ыраатта. Эдьиий Дораны кытта кэпсэппиппит, алгыһын ылбыппыт.
Айар куттаах дьон көрсүбүттэрэ, мустубуттара, худуоһунньуктарга болҕомто ууруллубута наһаа үчүгэй. Кулун тутар бүтүөр диэри туруоҕа.
Мин тус бэйэм худуоһунньугу уонна кини хартыынатын тэҥҥэ тутан илэ көрбүтүм, кэпсэппитим буолар.
«Үөһээ Бүлүү күннэрэ» Дьокуускай куоракка салҕаналлар.