Эдьигээҥҥэ номнуо хаар халыҥ араҥата сытар, ол эрээри олохтоохтор алтынньы бүтүүтэ үгэс быһыытынан сугунууллар. Сугун хотугу суорда тымныыны тулуйумтуо, — 34 кыраадыска диэри туруон сөп, диэн «Новости Жиганска» биллэрэр.
Отонньуттар кэпсииллэринэн, быйыл үүнүүлээх дьыл буолла.