24 Сэтинньи 24.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Эдэр ырыаһыттар Анастасия Варламова аатынан “Төннө туруоҕум алааспар” куонкуруска кытыннылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мэҥэ Хаҥалас улууһун I Баатара нэһилиэгэр Президент Культураҕа эйгэтин көҕүлээһинин фондатын өйөбүлүнэн Анастасия Николаевна Варламова аатынан “Төннө туруоҕум алааспар” өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас эдэр толорооччуларга ырыа күрэҕэ буолан ааста. Оройуон култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета, “I Баатара нэһилиэгэ” Тыа сирин түөлбэтэ, В.В.Ноев аатынан култуура киинэ, «Түмсүү”көлүөнэлэр хардарыта сибээстэрин олохтуур кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ тэрийдилэр. 

“Төннө туруоҕум алааспар” куонкуруска кыттааччылар иккилии ырыаны толордулар. Биирэ кыттааччы талбыт ырыата, иккис А.Н.Варламова ырыата.

Күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтарынан буоллулар:

Зоя Егоровна Тумусова анал бирииһин Валентина Игнатьеваҕа уонна Анастасия Николаеваҕа туттарда.

Адамова Саргылана Саввична уонна Айталина Афанасьева анал бириистэрэ баянистарга Валерий Ноевка, Даниил Алексеевка, Владимир Кузьмиҥҥа ананна.

Валерий Ноев оҕолорун анал бирииһин Георгий Гоголев уонна Инна Донская ыллылар.

Анал ааттар:

«Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ” анал аат Георгий Гоголев Алтан нэһилиэгэ. Бирииһи олохтоотулар Ольга Ивановна, Михаил Константинович Поповтар.
«Дьиэрэйэр куолас» анал аат Анатолий Гуляев, Орто Халыма, Эбээх нэһилиэгэ. Бирииһи олохтоотулар А.Н.Варламова Бэдьимэттэн аймахтара.
«Хомоҕой хоһоонньут” анал аат Клавдия Кулаковская, Дьаҥхаады нэһилиэгэ, бирииһи олохтоотулар Бэдьимэтээҕи Үргэл эдэр ыччат театральнай коллектива.
«Эрэл” анал аат Вячеслав Санников, Майя нэһилиэгэ. Бирииһи олохтоотулар А.Варламова Сыымахтан аймахтара Поповтар. А.Н.Варламова таайа, сэрии, үлэ ветерана Иван Петрович, саҥаһа Герой ийэ Акулина Николаевна оҕолоро.
«Ылбаҕай ырыаһыт” анал аат Айсан Гоголев, 1-кы Баатара нэһилиэгэ. Бирииһи олохтоотулар урбаанньыт Аргунов Иван Дмитриевич, Николай Дмитриевич оҕолоро Анна уонна Ариан Неустроевтар, Сахатранснефтегаз Бэдьимэтээҕи учаастага.
“Дьүрүлгэн” улуус мелодистарын анал бирииһэ туттарылынна Мария Романоваҕа, Хара нэһилиэгэ.
«Дебют” анал аат Валентина Игнатьева, 1 Баатара нэһилиэгэ. Бирииһи олохтоотулар биир дойдулаахтарбыт Баишев Федор Константинович, Санников Егор Иннокентьевич, Аргунов Петр Кимович.
«Кэскиллээх ырыаһыт” анал аат Дьулустаан Аргунов 1 Баатара нэһилиэгэ. Бирииһи олохтоото Бэдьимэтээҕи Үргэл эдэр ыччат театральнай коллектива.
«Бастыҥ аккомпаниатор” анал аат Георгий Попов. Бирииһи олохтоотулар Афонскайдар дьиэ кэргэн.

3 степеннээх дипломунан наҕараадаланна Елена Александрова Тараҕай нэһилиэгэ, бирииһи туруорда Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна Аграрнай политикаҕа сис комитетын бэрэссэдээтэлэ, норуот депутата Андрей Михайлович Находкин.

2 степеннээх дипломунан наҕараадаланна Валентина Пахомова 1 Баатара нэһилиэгэ. Бирииһи туруордулар А.Н.Варламова чугас доҕотторо, Госдума депутата Ф.С.Тумусов уонна Зоя Егоровна Тумусова.

1 степеннээх дипломунан наҕараадаланна Анна Борисова Баатара нэһилиэгэ. Бирииһи туруорда Баатара муниципальнай тэриллии дьаһалтата.

3 степеннээх лауреат үрдүк аат Карина Попова, Сунтаар улууһа, Элгээйи нэһилиэгэ. бирииһи туруордулар Николай Дмитриевич Неустроев аатынан Бэдьимэ оскуола-садын коллектива, 15 тыһыынча харчынан бириэмийэ.

2 степеннээх лауреат үрдүк аат Анастасия Николаева 1 Баатара нэһилиэгэ. 15 тыыһынчалаах сертификат. Бирииһи туруордулар Мэҥэ Ханалас улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управленията.

1 степеннээх лауреат үрдүк аат Айыына Харабаева, Дьаҥхаады нэһилиэгэ. Бирииһэ 20 тыһ  харчынан бириэмийэни туруордулар, Бэдьимэ тэрилтэлэрэ – ОДьКХ коллектива салайааччы Сергучев Владимир Николаевич, Якутскэнерго үлэһитэ Слепцов Евгений Егорович, урбаанньыт Субурусская Марианна Дмитриевна, урбаанньыт Сергучева Ольга Николаевна, балыыһа коллектива салайааччы Неустроева Зоя Дмитриевна, ветеринарнай учаастак салайааччыта Аргунов Иннокентий Кимович, мелиорация коллектива салайааччы Попов Юрий Семенович, Бэдьимэтээҕи сүүрүк сылгылары иитэр база коллектива салайааччы Емельянов Михаил Михайлович, почта начальнига Баишева Лариса Егоровна, “Сир” тэрилтэ салайааччыта Макаров Петр Васильевич.

Кылаан бириис кыайыылааҕынан буолла Инна Донская Төҥүлү нэһилиэгэ. 50 тыһыынчалаах сертификат тутта. Бирииһи олохтоото 1 Баатара тыа сирин түөлбэтэ, бирииһи туттардылар 1 Баатара тыа сирин түөлбэтин аҕа баһылыга Андросов Петр Васильевич, уонна дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Николай Николаевич Терютин.

Бука бары кыайыылаахтары истиҥник эҕэрдэлиибит. Инникитин өссө да ситиһиилэри баҕарабыт. А.Н.Варламова ырыалара өрүү да ыллана туруохтара, аата ааттана туруоҕа диэммит эрэнэбит.

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:

Терютин Николай Николаевич, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэҕириигэ, култуураҕа, ыччат политикатыгар туйгуна, СР норуот айымньытын уонна социокультурнай технологиялар Дьиэтин сүрүннүүр үлэһитэ.
Адамова Саргылана Саввична, дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СР Ырыа айаачыларын сойууһун чилиэнэ, Геокультурнай сайдыы институтун сүрүннүүр методиһа.
Захаров Василий Егорович, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, М.К. Попова – Эдьиий Марыына аатынан оҕо искусство оскуолатын директора, норуодунай оркестр дирижера.
Санников Дмитрий Семенович, дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, Саха республикатын култууратын туйгуна, СР ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ. М.К. Попова – Эдьиий Марыына аатынан оҕо искусство оскуолатын уһуйааччыта, “Туллук” студия салайааччыта.
Филиппова Матрена Семеновна — дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, Бэдьимэтээҕи
“Чуораанчык” оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ, А.Н.Варламова аймаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА