Эдэр табаһыттары өйүүллэр

Эдэр табаһыттары өйүүр сыалтан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ көмө харчы көрөр. Бу ый 1 күнүнээҕи туругунан хамнастарыгар эбии харчыны таба хаһаайыстыбатыгар үлэлиир 81 эдэр исписэлиис ылар. 


Итинтэн алтата үрдүк үөрэхтээх, үһэ – орто, 72-тэ алын сүһүөх идэлээхтэр. Үрдүк үөрэхтээх исписэлиис 22 500 солк, орто анал үөрэхтээх — 16 500 солкуобайы, алын сүһүөх идэлээх 12 000 солкуобайы ылар.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов иһитиннэрбитинэн, эбии харчыны эдэр исписэлиистэр ыйын аайы үс сыл устата ылаллар. Маныаха эдэр дьон министиэристибэни кытары дуогабар түһэрсэллэр.

Итини таһынан эдэр табаһыттарга дьиэ ылалларыгар, тутталларыгар 1 мөл харчы ылаллар. Билиҥҥитэ ити көмөнү 11 табаһыт ылбыт.

This post was published on 06.07.2021 10:31 10:31