Күрэхтэһии 12-13 уонна 14-15 саастаахтарга, маны сэргэ 18 — 21 саастаахтарга ыытылынна. Саха сириттэн 40 спортсмен кытынна, үрдүкү тренердэр Айсен Молуков уонна Артём Зорин салайан илдьэ сырыттылар.
Юниордарга алта кыһыл көмүс мэтээл. Кыргыттарга Кристина Охлопкова 70 кг диэри бастыҥын көрдөрдө. Атын ыйааһыннарга Башкортостан, Самарскай уонна Свердловскай уобаластар кыргыттара бастаатылар. Уолаттарга ыйааһын аайы сахалар күннээтилэр, ити эрээри 105 кг диэри ыйааһыҥҥа Свердловскай уобалас атлета бастаата. Кыһыл көмүһү ыллылар: Ньургун Петров (60 кг), Егор Слепцов (70 кг), Иван Степанов (80 кг), Семен Борисов (90 кг) уонна Денис Федоров (105+ кг).
16-гар диэри саастаахтарга кыргыттарга Сахаайа Семёнова 60 кг диэри лидердээтэ, атын ыйааһыннарга мэтээли Башкортостан, Кабардино-Балкария уонна Пензенскай уобалас спортсменкалара илдьэ бардылар. Уолаттар биэстэн үһү ыллылар — Тимир Луковцев (50 кг), Александр Захаров (60 кг) уонна Богдан Луковцев (80 кг). Бэлиэтээн эттэххэ, бу ыйааһыҥҥа быйылгы «Азия оҕолорун» кыттыылаахтара помостка таҕыстылар.
14-гэр диэри саастаахтарга уолаттарга эрэ буолла. Биэс ыйааһын баарыттан, үһүгэр саха мадьынылара бастыҥ мэтээли туттулар — Эркин Иванов (40 кг), Федор Васильев (50 кг) уонна Никита Кузьмин (60 кг).
70 кг диэри уонна онтон үөһэ кыһыл көмүс мэтээли Башкортостан уонна Пензенскай уобалас бэрэстэбиитэллэрэ ыллылар.