Эдэр киһини өлөрүүгэ уорбаланааччыны икки ыйга хаайдылар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Иирсээн кэмигэр 26 саастаах уолу өлөрүүгэ уорбаланар 18 саастаах киһини хаайар туһунан миэрэни сэрэдэҕэ ылынна.

«Уорбаланааччы холуобунай дьыала тэриллиитигэр туорайдаһыан, барыллаан силиэстийэттэн уонна сууттан саһыан, атын да буруйу оҥоруон сөп. Онон хаайар наада диэн ходатайствоны силиэдэбэтэл өйөөтө», — диэн Саха сирин сууттарын пресс-сулууспата суруйда.

Судьуйа уорбаланааччыны икки ыйга хаайар туһунан уураах ылынна. Сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, ааһыныан сөп.

This post was published on 24.01.2024 17:04 17:04