22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Эдэр киһи Кэнкэмэ өрүскэ сөтүөлүү сылдьан былдьанна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр бэс ыйын 5 күнүгэр Кэнкэмэ өрүскэ эдэр киһи тимирдэ. Өлүгүн водолазтар буллулар диэн, өрөспүүбүлүкэ быыһыыр сулууспата СИА-ҕа биллэрэр.

Табаарыстара этэллэринэн, сарсыарда уол балааккаттан тахсан, ууга киирээри сэрээккэлээбит. Кинини кытта кытылга сынньана сылдьыбыт табаарыстара өйдөммүттэрэ, хайыы-үйэ хойутаан хаалбыттар. Быыһыыр сулууспаҕа ыҥырыы киирбитин кэнниттэн водолазтар бөлөхтөрө суһаллык быһылаан тахсыбыт сиригэр туруммут. Водолазтар көмөлөрүнэн тимрбит киһи өлүгүн тута булбуттар, аймахтарыгар биэрбиттэр.

«Билиҥҥитэ анал сөтүөлүүр сирдэр арылла иликтэр, дьон буоллар хайыы-үйэ сөтүөлүү охсоору тиэтэйэр. Тымныы ууга киһи этэ-сиинэ тоҥор, иҥиирэ тардыан син, онтон сылтаан киһи ууга былдьаныан  сөбүн өйдөөҥ. Көҥүллэммэт сирдэргэ сөтүөлүүр, итирик туруктаах ууга киирэр, ыстанар кутталлаах, маныаха анамматах сиргэ араас түгэн тахсыан сөп. Көрүүтэ-истиитэ суох оҕолору уу таһыгар хаалларымаҥ. Уу сыыһаны бырастыы гыммат»,-диэн СӨ быыһыыр сулууспатын  7 разрядтаах водолааһа Алексей Белин сэрэттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар