«Россия — моя история» музейга сылын аайы ыытыллар наука бэстибээлигэр кыттааччылар бэйэлэрин үлэлэрин, бырайыактарын көрдөрдүлэр. Манна дьаһаллаах робот, маҥан кутуйахтарга, кымырдаҕастарга эксперименнары көрүөххэ сөп, диэн иһитиннэрэр СИА.
«Наука бэстибээлигэр үөрэнээччилэр, үөрэх кыһаларын устудьуоннарын уонна оҕо кванториумун, Дьокуускайдааҕы лицей, физика-техническай лицей эдэр чинчийээччилэрин үлэлэрэ туруорулуннулар. Кинилэр бырайыактара космическай технологиялары, естественнай, техническай наукалары, энергетиканы кытта сибээстээхтэр», — диэн регион үөрэҕириитигэр уонна наукаҕа миниистирэ Владимир Егоров эттэ.
14 саастаах 7-с нүөмэрдээх Дьокуускай оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Лилиана Замятина маҥан кутуйахтарга эксперимент оҥорбутун көрдөрдө. Уопутун Тыа хаһаайыстыбатын Дьокуускайдааҕы научнай чинчийэр институтун лабораториятыгар ыытар. Бу кыыс айар сорудаҕа, ыам ыйыгар көмүскүөхтээх.
«Мин биологияны, химияны олус сөбүлүүбүн. Ол иһин иккиэннэрин сыһыары тутан чинчийиибин ыыттым. Бу эксперимени быйыл саас толкуйдаабытым. Сайыҥҥы икки ыйга ыыттым. Кутуйахтар бастаан буортулаах аһынан аһаабыттара, тиистэрэ түспүтэ, түүлэрэ соролообута, сэниэлэрэ суох буолбута, икки ый ааһыыта өлөн барбыттара. Эксперимеммин балаҕан ыйыгар салҕаабытым. Коланан уонна чипсынан аһаан турбут кутуйахтар туруктара мөлтүүр, тиистэрэ сыппаабыта, сотору өлөллөрө буолуо. Бу маннык аһылыгы өскөтүн киһиэхэ биэрэр буоллахха, чипсы буортулааҕын, кола кутуйахтарга — кислота буоларын, онтон сылтаан тиистэрэ кэбириир, хааннарыгар саахардара үрдүүр», — диэн эдэр чинчийээччи СИА-ҕа кэпсээтэ.
Бэстибээл кыттыылаахтара лекциялары иһиттилэр. Саха сириттэн 150 үлэ кытынна. Быйылгы тэрээһин Менделеев таблицатыгар ананна.