«Табам миэнэ — аһым, таҥаһым, дойдум кэрэтэ!», — дииллэр Эбээн-Бытантай улууһун олохтоохторо.
Төрүт дьарыгы өрө тутар «Кочевник» ородобуой община табатын ахсаанын элбэтэр соруктаах.
Табаһыт үлэтэ үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр, күннэри-түүннэри манабыл, саас күҺүн ааҕыы түбүгэ, төгүрүк сыл тоҥо-хата үтүө түмүк туҺугар күүрээннээх үлэ, диэн суруйда «Бытантай уоттара» хаһыат.
Хаартыска: Наталья Слепцова, община буҕаалтыра.