Эбээн-Бытантай улууһугар Саха Республикатын Судаарыстыбаннай тутула олохтоммут күнүгэр биллиилээх общественнай уонна политическай тэрийээччи, Саккырыыр оройуонун төрүттээбит Р.И. Шадрин бюһугар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, «Гарпан» култуура киинигэр үөрүүлээх миитин, атыы-эргиэн быыстапката буолла.
Роман Иванович Шадрин ыраах хаардаах хайалар быыстарыгар бүгэн сытар Түгэһиир эбээннэрин уонна хотугу сахалар олохторо сайдарыгар үөрэҕи саҕан, ааҕар балаҕаннары арыйан, үрэх бастарынан тарҕанан олорбут дьону түмэн, саҥа олоҕу, коммуналары тэрийиигэ үгүс сыратын уурбута.
Роман Шадрин Байбал Шадринныын 1922 сыллаахха Кустуурга нэһилиэк сэбиэтин тэрийсэн, саҥа былаас үлэтин саҕалаабыттар. Ити кэнниттэн Түгэһиир нэһилиэгэр ревком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Бу манна кини тэрийэр, дьону түмэ тардан иһитиннэрэр араатар быһыытынан дьоҕура дьэҥкэтик арыллыбыт. Кини ити дьалхааннаах сылларга кулаахтааһыны утаран балыырга түбэспит, ГПУ тутуталаабыт дьонун көмүскүүрүн туһунан ахтыылар бааллар. Онтон кини киһи быһыытынан дьоҥҥо сыһыанын, бэл, үлэтин сүнньүнэн сэрэтии биэрбиттэрэ туоһулуур.
1929 сыл бүтүүүтэ Роман Шадрин Булуҥтан Саккырыырга таһаҕас тиэйэ сылдьар кэмигэр Булуҥҥа былааһы утары өрө туруу буолбут. Ону истээт, түүннэри-күннэри айаннаан Саккырыырга тиийээт, отучча киһилээх этэрээт тэрийбит. Этэрээтин илдьэ 60-ча көстөөх сири айаннаан, Быыкап мыыска баар кыһыл этэрээти кытта холбоһон, өрө турааччылар арҕаа туундаранан барар суолларын бүөлээбиттэр. Ити туһугар олус ыарахан, хорсун быһыы оҥоһуллубут. Көлө табалара ыран охтоллорун тулуйан, таһаҕастарын сатыы соһон, илиилэрэ-атахтара үлүйэн, астара бүтэн айан бөҕөтүн айаннаатахтара. Бу соругу толорууга хоту дойду дьоно санаалара бөҕөтүн, тулуурдарын!
Ити өрө турууну хам баттыыр кыргыһыыга Роман Шадрин чахчы хорсун санаалаах хамандыыр буоларын көрдөрбүт. Төһө да кэтэ сылдьыбыт бэргэһэтин үс сиринэн, саҥыйаҕын алта, этэрбэһин икки сиринэн буулдьа хайыта суруйан ааспытын үрдүнэн, кини этин-сиинин биир да буулдьа таппатаҕа! Бу мантан да сэрэйиллэр, хайдахтаах икки өттүттэн сытыы ытыалаһыы буолбута. Ити хорсун быһыытын иһин Роман Шадрин Бүтүн Сойуустааҕы Ситэриилээх Кэмитиэт аатыттан тус ааттаах чаһынан уонна Кольт револьверынан наҕараадаламмыт. Онтон Саха сирин ситэриилээх кэмитиэтэ кинини Бүтүн Сойуустааҕы Ситэриилээх Кэмитиэт аатыгар Кыһыл знамя ордеҥҥа хадаатайыстыба түһэрбитэ, ити кэмҥэ бастакы ураты хардыы быһыытынан сыаналаммыт.
1931 сыллаахха Саха сирин ыҥырыылаах сьеһигэр Роман Иванович Шадрины Саха сирин Ситэриилээх кэмитиэтин чилиэнинэн талбыттар. Кытыы олохтоох норуоттары кытта үлэлэһэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн анаммыт, ону сэргэ Саха сирин Ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Платон Алексеевич Ойуунускай солбуйааччытынан бигэргэтиллибит.
Ити сыл кини көҕүлээһининэн Саккырыыр эбээн национальнай оройуона төрүттэммит.
Онтон Саха сирин үрдүнэн барыта уон саҥа хотугу норуоттар оройуоннара баар буолбут. Олорго оскуолалар, ааҕар балаҕаннар, эмтиир пууннар, кыһыл чуумнар кылгас кэм иһигэр үлжлэрин саҕалаабыттар. Итиннэ Роман Шадрин салайар дьоҕура улахан оруолламмытын үгүстүк ахтан суруйаллар. Улахан болҕомтотун үөрэхтээһин, кадры иитии боппуруоһугар уурбут. Ол курдук кини үөрэххэ барар дьонун үксүн бэйэтэ сүүмэрдээн ыытара эбит. Ол эдэр дьонтон кэлин Н.С. Тарабукин, Г.Н. Никитин уонна да атын биллиилээх дьон үүнэн-сайдан тахсыбыттар.
1932 сыллаахха ыҥырыылаах 11 партийнай конференцияҕа Роман Иванович Шадрин Дьокуускай уобаластааҕы кэмитиэт чилиэнинэн талыллыбыт. Онтон Сэбиэттэр VI Бүтүн сойуустааҕы съезтэригэр П.А. Ойуунускайы, Р.И. Шадрины Бүтүн Сойуустааҕы Ситэриилээх кэмитиэт чилиэнинэн талбыттар.
Бу курдук эбээн норуотун чулуу уола СССР үрдүкү сокуон таһаарар органын чилиэнэ буола үүммүт. Роман Шадрин ити сылларга М.К. Аммосовы, П.А. Ойуунускайы кытта чугастык алтыһан үлэлээбитэ биллэр.
1934 сыллаахха кулун тутар 31 күнүгэр баара-суоҕа 40 сааһыгар Москва куоракка сэллик ыарыыттан өлөн олохтон туораабыта. Кини сырдык тыына быстаары сытан: «Кыыспын Сөдүөрэбин үөрэттэриҥ, киһи оҥоруҥ» — диэн эппит. М.К. Аммосов: «Роман кэриэһин толоруҥ, кыыһын булан үөірэттэриҥ» диэн илдьиттээбит. Бу туһунан кэлин кыыһа Федора Романовна бэйэтин ахтыытыгар суруйар.
2018 сылга Р.И. Шадрин төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтиэхпит. Бу кэрэ-бэлиэ түгэни эбээн чаҕылхай уола уһук хотугу оройуоннар судаарыстыбаннастарын олохтооһуҥҥа уһулуччу оруолун ытыгылаан туран, судаарыстыбаннай таһымҥа бэлиэтииргэ диэн республика баһылыга Егор Борисов дьаһала тахсыбыта.
Балаҕан ыйын 18 күнүгэр Ил Түмэн спикера, Р.И. Шадрин төрөөбүтэ 125 сылын үбүлүөйүн тэрийэн ыытар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, СР бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова Эбээн-Бытантай улууһугар көһө сылдьар мунньаҕы ыыппыттара. Манна Роман Иванович Шадрин үбүлүөйүн чэрчитинэн барыахтаах тэрээһиннэр тустарынан инники күөҥҥэ тутан кэпсэтии тахсыбыта. Бу национальнай улуус инники сайдыытыгар олук ууруо диэн эрэли үөскэттэ.
***
Бу күн мин санаан кэллим
Саха хоһуун уолаттарын,
Саһарбыт хаартыскаҕа
Сөхтөрөллөр куруук миигин
Эдэркээн уолан бэйэлэрэ
Харахтарын уотун күүһэ,
Инникигэ эрэллэрэ,
Санаалара модуна
Көрүүлэрэ дириҥэ,
Дууһалара ырааһа,
Субу туран кэлиэхтии,
Илиилэрин уунуохтуу
Улуутуйан көстөллөр,
Дьылҕа хаҕыс ыйыытынан
Дьалхаан үйэ саҥатыгар,
Суостаах сыллар кэмнэригэр,
Дьон олоҕун, дьылҕатын
Миэлиҥсэлии эргитэр
Будулҕаннаах сылларыгар,
Көҥүл санаа модун күүһүн
Көмүөл муустуу хамсатан,
Буурҕа-буулдьа дьылларын
Түөстэринэн тэлэннэр,
Норуоттарын тустарыгар,
Олохторун толук уурар
Суостаах кэмтэн саллыбака,
Өрөспүүбүлүкэ былааҕын
Өрө тутан күөрэтэн,
Кэскиллээбит төлкөлөрүн.
Хара балыыр, таҥнарыы,
Хаайыы тымныы тыына,
Атын дойду аргыара,
Ньүдьү-балай хаҕыс сыһыан,
Хараҥа сииктээх хаамыра
Харахтарын сырдык уотун,
Өһөс, күүстээх санааларын,
Инникигэ эрэллэрин
Сөһүргэстэппэтэҕэ, булгуруппатаҕа,
Санааларын самнарбатаҕа…
Бу күн санаан кэллим,
Улуу киһи түөлбэтиттэн-
Хатырыктан хаан тардарбын,
Эбэм кэмчи кэпсээнин,
Булуҥунан, Кэбээйинэн
Буурҕа-силлиэ быыһынан
Сойуолаһыыттан күрэммит
Уруу-аймах дьоннорбун.
Чаҕылхай Махсыым хаартыскатын,
Кистээн ыыппыт суругун
Сүрэҕэр бигии тутан,
Сылбах маска өйөнөн,
Харааста ааҕар эһэбин,
Сураҕа суох сүппүт
Кини уустук дьылҕатын,
Бу күн мин санаан кэллим
Саха хоһуун уолаттарын,
Харахтарын уота күүһүн,
Санаалара модунун!