«Бүтэһик информациянан, алын тардыыта Өлүөхүмэ улууһун Саҥыйахтаах бөһүөлэгин аллара баар. Муус арыллыытыгар уу таһыма кыра. Саамай сүрүнэ, территориялары уу ылыыта бэлиэтэммэт», — диэтэ Петр Аргунов.
Алдан өрүс мууһа Кэбээйи, Уус Алдан, Томпо оройуоннарынан устар.
Бүлүү эбэ мууһа Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү оройуоннарынан ааһар. Аллара тардыыта — Бүлүү куоракка баар, муус устуута орто.
Халыма өрүс Магадаан уобалаһын ааһар. Ыам ыйын 13-14 күннэригэр Үөһээ Халыма Зырянкатыгар хамсааһын тахсар.
Саха сиригэр муус хамсааһынан манна көр.