22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Эһиил "Бастыҥ дьиэ кэргэн тэрилтэлэрэ" бырайыак үлэтин саҕалыа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Атыы-эргиэн уонна промышленнай палата» сойууһа эһиил Саха сиригэр «Бастыҥ дьиэ кэргэн тэрилтэлэрэ» бырайыагы ыытарын туһунан ахсынньы 18 күнүгэр улуустары кытары мунньаҕар биллэрдэ.


Бырайыак өрөспүүбүлүкэ дьиэ кэргэн тэрилтэлэрин түмэр, өйүүр, элбэтэр, сайыннарар соруктаах.

«Арассыыйа 100 бастыҥ дьиэ кэргэн тэрилтэтэ» күрэх кыайыылааҕа — «Кэрэ» иистэнэр-производственнай хампаанньа салайааччыта Александра Корякина: «билиҥҥитэ дьиэ кэргэн тэрилтэлэрэ судаарыстыбаттан тус сыаллаах өйөбүллэрэ суоҕун» этэр. Кини Арассыыйа таһымыгар «Дьоҕус уонна орто урбааны сайыннарыы» сокуонугар «дьиэ кэргэн тэрилтэтэ» диэн өйдөбүл киирэрин күүтэрин эттэ. Улууска баар дьиэ кэргэн тэрилтэлэригэр туһаайан, Александра бииргэ түмсэн үлэлииргэ, сайдарга ыҥырда.

Бырайыак чэрчитинэн эһиил от — балаҕан ыйдарыгар өрөспүүбүлүкэ дьиэ кэргэттэрин тэрилтэлэрин Форумун ыытыахтара. Дьиэ кэргэн тэрилтэтин дьоҕус уонна орто урбаан биир хайысхатынан билинэр кэм кэллэ дииллэр Палатаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА