14 аллараа саастаах оҕолору 2022 сыл бүтүүтүгэр Госуслги порталга регистрациялыыр буолуохтара. Бу туһунан Арассыыйа цифровой сайдыыга миниистирэ Максут Шадаев, информационнай бэлиитикэни уонна технологияны ырытар, Госдума мунньҕар биллэрдэ.
«Пааспарын ыла илик оҕолорго анал цифровой ID иҥэриэхпит. Бу уларыйыы эһиил сыл бүтүөн иннинэ олоххо киириэҕэ”, — диэн Максут Шадаев бэлиэтээтэ. Оҕолору төрөппүттэрэ регистрациялыахтара диэн чопчулаата.
Эрдэ Дойду вице-премьера Дмитрий Чернышенко, ТАСС-ка биллэрбитинэн, Арассыыйа бырабыытылыстыбата госуслги порталыгар үс саҥа өҥөнү 2022 сылга киллэрэр былааннаах. Ол быыһыгар, «Трудовая миграция онлайн» (манна үлэ миэстэтин көрдүөххэ, онлайн-интервью барыахха, үлэ дуогабарын түһэрсиэххэ син) «Безбумажные перевозки пассажиров и грузов» (дьону уонна таһаҕаһы таһарга накладнойдары, көҥүл биэрэр кумааҕылары электронно толоруохха син) уонна «Цифровое строительство» (тутууга аналлаах докумуоннары онлайн ситиһиэххэ син).