22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

ДОМ.РФ баан "тыа сирин ипотекатын" биэриигэ сайаапкалары хомуйууну саҕалаата

15:01, 30 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

ДОМ.РФ баан тыа сиригэр дьиэ ылыан баҕалаахтарга, 2,8%-наах, чэпчэтиилээх ипотеканы биэриигэ, сайаапкалары хомуйууну саҕалаата. Бу туһунан баан пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Уһук Илиҥҥэ 2,8%-наах 5 мөл солкуобайга диэри ипотека кирэдьиитин 25 сыл болдьоххо ылыахха сөп. Кирэдьиит бырыһыанын биир кэмнээх, кирэдьиит суумматыттан көрөн, хамыыһыйаны төлөөн, 2,3-кэ диэри түһэриэххэ сөп. Маныаха дьиэ иһин бастакы төлөбүр кырата 20% буолуохтаах.

Кыра бырыһыаннаах кирэдьиити баан тэйиччиттэн олорон сайаапка биэрбиккэ биэрэр. Маныаха сайаапка биэрээччи дохуотун бигэргэтэр ыспыраапканы баантан эбэтэр пенсионнай пуондаттан бэйэтэ ылара наадата суох. Баан үлэһиттэрэ быһа бэйэлэрэ көрдүүллэр.

Сайаапкалары баан бэйэтин саайтыгар онлайн ылар, быһаарыы 80% тута биллэр. Кирэдьиит ыйдааҕы төлөбүрдэрэ эмиэ бааҥҥа сылдьыбакка эрэ, хамыыһыйата суох цифровой платформа нөҥүө дебетовай карта көмөтүнэн төлөнөллөр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА