22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга «Уһук Илиҥҥэ 1000 олбуор» бырагырааманан балаҕан ыйыгар диэри 75 эбийиэги тупсарыахтара

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга балаҕан ыйыгар диэри  75 эбийиэги  тупсарыахтара. Саха сирин киин куоратыгар «Уһук Илиҥҥэ 1000 ыал олорор территорияларын тупсарыыга федеральнай бырагыраама олоххо киллэриллэр, диэн СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Бырагыраамаҕа кыттыбыт олбуордарга барыларыгар хантараактар түһэрилиннилэр уонна үлэлэр саҕаланнылар: тутуу матырыйаалларын тиэртилэр, бордюрдары уонна тротуар плиталарын оҥоһуу, сырдатар уонна кыра архитектурнай формалары туруоруу үлэлэрэ бара тураллар. Атырдьах ыйыгар диэри оҕо уонна спортивнай былассааккаларын туруоруохтара.

Бырайыактары олоххо киллэрэллэригэр региональнай климат уратыларын учуоттуохтара. Дьокуускайга бу бырагырааманан барыта 75 олбуору тупсарыахтара. Үлэ үбүлээһинин кээмэйэ 232 мөл. солкуобайтан элбэх.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА