Дьокуускайга баскыһыанньаҕа Свердлов аатынан уулусса олбуоругар тохтоон турар массыыналары алдьаппыттара. 25 саастаах эдэр киһи полицияҕа буруйун билинэ кэллэ.
Кини билиммитинэн, сарсыарда 05:30 чааска түүҥҥү кулууптан дьиэлээн испит. Аара суолга олбуорга тохтоон турар 4 массыынаны алдьаппыт.
Хоромньу уопсай суумата 910 тыһ солк.
Массыыналаах дьон полицияҕа сайабылыанньа суруйдулар.
Сарсыҥҥы күнүгэр эдэр киһи өйдөнөн, кэмсинэн баран, буруйун билинэ полицияҕа кэллэ.
«Умышленные уничтожение или повреждение имущества» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ, 5 сылга диэри болдьоххо көҥүлэ быһыллыан сөп.