Дьокуускай былааһа тохсунньу 1 күнүттэн оптуобуска айан иһин төлөбүр сыанатын улаатыннарар былаана суох. Ол туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев «Россия 24» телеханаалга «Прямой эфир с городом» бырагыраамаҕа эттэ, суруйар ЯСИА.
Эрдэ «СоюзАвто» салайааччыта Андрей Косицкий бырайыаһы 2025 сыл саҕаланыытыттан 50 солк диэри үрдэтэр туһунан эппитэ. Ити эрээри Дьокуускай баһылыга тарыып баар таһымыгар хааларын ситистэ.
«Билигин маршруттары уларытыы кэмигэр киирбиппитинэн, сыл саҕаланыаҕыттан уопсастыбаннай тырааныспарга тарыыбы үрдэппэппит диэн дуогабардастыбыт», — диэтэ Евгений Григорьев.
Ити эрээри баһылык «СоюзАвто» этиитин быһаарда. «Сапчаас ыараабытынан, суоппардар хамнастарын үрдэтээри итинник быһаарыы ылына сатыыллара өйдөнөр», — диэтэ Григорьев.