23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Дьокуускайга сылы эргиччи үлэлиир оҕо сынньанар, чэбдигирдэр киинэ аһыллыа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2022 сылга Саха өрөспүүбүлүкэтин 100 сылыгар Дьокуускайга «Хотугу сулус» оҕо сынньанар, чэбдигирдэр киинэ аһыллара былааннанар. Киин толорооччу дириэктэрэ Иван Игнатенко иһитиннэрбитинэн 12 тыһ кв. миэтэрэ иэннээх кииҥҥэ оҕо эргиччи сайдарыгар бары усулуобуйа барыта тэриллиэ.


Киин түөрт корпустан туруо. Манна икки улахан спортивнай саала, профориентация кластердара, видеостудия кылаастара, робототехника, 3-Д моделлааһын, вокальнай саалалар, киинэ тыйаатырдаах актовай саала баар буолуохтара.

Киин территориятыгар сатыы хаамарга ыллык сир, хайыһар трассата, футболлуур, кутааланар сирдэр, спортивнай былаһааккалар баар буолуохтара.

«Хотугу сулуска» сылы эргиччи 5250 оҕо хабыллан, сынньанан, эбии үөрэнэн, билиитин хаҥаттыа, сайдыа. Кииҥҥэ эбии дьарыктар, лааҕырдар үлэлиэхтэрэ, ыҥырыылаах педагогтар лиэксийэ ааҕыахтара, оҕолор доруобуйаларын туругун көрүөхтэрэ, миэстэтигэр тиистэрин эмтиир кыах баар буолуо.

Кииҥҥэ ким баҕалаах, ханна олороруттан тутулуга суох киириэн сөп буолуо.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/eto-pervyj-unikalnyj-proekt-v-rossii-v-yakutske-poyavitsya-kruglogodichnyj-detskij-tsentr-otdyha-i-ozdorovleniya/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА