Дьокуускайга Superjet-100 сөмөлүөт айанын тохтоторго күһэлиннэ

Бэнидиэнньик сарсыарда Дьокуускай-Хабаровскай хайысханан айаннаан испит Sukhoi Superjet-100 көтөр аал айаны тохтоторго күһэлиннэ. «Якутия» авиакомпанияҕа иһитиннэрбиттэринэн, саахалы эрдэттэн сэрэтэр сигнал үлэлээбит.


Авиалайнер Дьокуускай аэропуордуттан 07.00 чааска көппүт. Үөһэ көтөн тахсан истэҕинэ, сэрэтэр сигнал үлэлээбит.

«08.55 чааска сөмөлүөт Дьокуускай аэропуордугар түстэ. Билигин бу сүрүн төрүөтүн Уһук Илиҥҥэ регионнар икки ардыларынааҕы хамыыһыйа  быһаарар», — диэтилэр авиакомпанияҕа.

Барыллааһын даннайынан, сэрэтэр сигнал алҕас тыаһаабыт. Сөмөлүөккэ 96 пассажир, ол иһигэр үс оҕо баара.

This post was published on 05.12.2016 10:57 10:57