31 Тохсунньу 31.01
  • -37°
  • $ 98,01
  • 102,78

Дьокуускайга сотору «Муус Устар» бэстибээл бэһис төгүлүн ыччаты түмүөҕэ

13:03, 30 января
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Дьокуускайга кулун тутар 17–22 күннэригэр «Муус Устар» ыччат бэстибээлэ ыытыллыаҕа. Тэрээһин тректэрэ уонна 24 куонкурус балаһыанньата бигэргэннэ.

Быйыл барыта 12 трек үлэлиэҕэ: «Воплощай и вдохновляй», «Якутия – твоя сила духа», «Перспектива в познании», «Вперед к победам!», «Медиа-будущее: расскажи о важном!», «Развивайся в Якутии!», «Добываем будущее вместе!», «Созидай и создавай!», «Твори добро!», «ЭТнО-МЫ!», «Россия – страна возможностей!», «Защитник Родины!».

«Улуу Кыайыы 80 сылынан, ону тэҥэ Россияҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи, онтон Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларынан, быйыл бэстибээл патриоттуу тыына күүһүрдүллүө. Холобур, «Защитник Родины!” трек чэрчитинэн дроннар күрэстэһиилэрэ уонна байыаннай бэлэмнэниигэ, патриоттуу иитиигэ куонкурустар ыытыллыахтара», – диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина эттэ, суруйда «Саха» НКИХ.

«Муус Устар» түмүктүүр дьоро тэрээһинэ кулун тутар 22 күнүгэр, үгэс быһыытынан, «Өрөгөй» спорт уораҕайыгар ыытыллыаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА