Дьокуускайга сокуоннайа суох миграцияны тэрийбит дьахтары дьүүллээтилэр

Дьокуускай куорат олохтооҕо Тотикова туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дьокуускай куораттааҕы суутун уурааҕын олоххо киллэрдилэр. Кинини усулуобунайдык үс сыл көҥүлүн хааччахтаатылар (сокуоннайа суох миграцияны тэрийбитин иһин, (п. «а» ч. 2 ст. 322.1 ХК), диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин УФСБ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Силиэстийэ уонна суут быһаарбыттарынан, дьахтар барыһырар сыаллаах, кэлии омук киһитин кытары сүбэлэһэн, киин Азия регионуттан дьону сокуоннайа суох миграциялыырша көмөлөспүт.  Тотикова, бу киһиэхэ көмөлөһөн, олохтоохтоох дьон быыһыгар миграннарга көмөлөһөр кыахтаахтары көрдөөбүт, сымыйа докумуоннары хомуйсарга көмөлөспүт.

Буруйдаах куомуннаһааччыта аан дойдутааҕы ирдэбилгэ биллэрилиннэ. Тотикова дьиэ- уот туттуллуутун хонтуруоллуур анал судаарыстыбыннай уоргаҥҥа учуокка туруохтаах, этиллибит күннэргэ кэлэн күннэтэ бэлиэтэниэхтээх.

This post was published on 17.05.2022 18:03 18:03