Дьокуускайга саҥаларыгар кэһиилээх оҕолорго коррекционнай оскуола тутуллар

Дьокуускайга 120 миэстэлээх саҥаларыгар кэһиилээх оҕолорго коррекционнай оскуола тутуллар. Бу туһунан СИА Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга уонна дьиэни-уоту кэтээhиҥҥэ судаарыстыбаннай Управлениетын иһитиннэриитигэр сигэнэн суруйар. Эбийиэги «Альянс Альфа» ХЭТ тутар.


Оскуола икки этээстээх буолуо. Аттыгар сылаас галереянан силбэһэр 3 этээстээх 100 миэстэлээх интернаат тутуллуо. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго анаммыт үөрэх тэрилтэтэ аныгы мультимедийнай тэриллэринэн хааччыллыылаах, мастарыскыайдаах, спортсаалалаах, остолобуойдаах, бибилэтиэкэлээх, актовай саалалаах, логопед хостоох, онтон да атын оҕо эргиччи сайдарыгар анаммыт хостордоох, тэриллэрдээх буолуо. Оскуола тиэргэнигэр оҕо оонньуур, сүүрэр-көтөр, дьарыктанар былаһаакката туруо.

Тутуу судаарыстыбаннай-чааһынай үлэлэһии барылынан барыа.

This post was published on 14.07.2021 11:01 11:01