Саха сиринээҕи «Госпожнадзор» тэрилтэ баһаары бохсор сыалтан, Дьокуускайга рестораннары уонна банкеттыыр саалалары бэрэбиэркэлиэхтэрэ.
Бу туһунан куорат дьаһалтатын мунньаҕар эттилэр, суруйда «Эхо столицы».
Баһаары утары сулууспа бэрэстэбиитэлэ эппитинэн, маннык бэрэбиэркэлэр Ороһооспо бырааһыньыгар тиийэ буолуохтара.
Санаттахха, ааһан эрэр сыл тохсунньутугар «Үрдэл» паарка рестораныгар икки төгүл умайыы буолбута.