Дьокуускайга «Модун» спорт комплекса иккис өрөбүлүн супту өрөспүүбүлүкэ бастыҥ хапсаҕайдьыттарын улахан турнирга түмүөҕэ. Сэтинньи 18-19 күннэригэр спорт үтүөлээх маастара уонна СӨ үтүөлээх тренерэ Николай Давыдов аатынан «А» кылаастаах күрэхтэһиитэ буолуоҕа. Абсолютнай күрэхтэһиигэ 85 уонна 100 тыһыынча солкуобайдаах бириистэр оонньонуохтара, диэн СИА иһитиннэрэр.
«Турнирга 75 киилэттэн үөһэ ыйааһыннаахтарга абсолютнай күрэхтэһии ыытыахпыт. 85 тыһыынча солкуобайдаах сүрүн бирииһи Николай Давыдов 85 сылынан сибээстээн, аймахтара туруоруохтара. Ыарахан ыйааһыннаахтарга Амма улууһуттан 100 тыһыынча солкуобайдаах кылаабынай бириис олохтонно. Турнир «А» диэн категориялаах, онон элбэх кыттааччылары күүтэбит», — диэн Амма улууһун спорт отдела иһитиннэрдэ.
Ону таһынан, кыайыылаахтары эр дьоҥҥо уонна бэтэрээн эр-дьоҥҥо (40- тан тахса саастаахтар) ортолоругар быһаарыахтара. Эр дьон дивизионугар 57, 65, 75, 85, 95 уонна 95 кг үөһэ, бэтэрээннэр ортолоругар 60, 70, 80, 90 уонна 90 кг үөһэ ыйааһыннарга күрэхтэһии ыытыллыаҕа.
Кыайыылаахтарга 30 тыһыынча солкуобай харчынан бирииһи олохтоотулар, иккис миэстэҕэ 20 тыһыынчанан көрүллүбүт, оттон боруонса призёрдар 10 тыһыынча солкуобайы ылыахтара.