Дьокуускай куораттааҕы Медицина киинэ сотору кэминэн аныгы ньыманы олоххо киллэриэ.
Киин кылаабынай бырааһа Елена Борисова иһитиннэрбитинэн, биир күннээх диагностика, ол эбэтэр «чек-пак» баар буолуоҕа. Оччоҕо балыыһаҕа кэлбит киһи үҥсэргиир ыарыытын биир күн устатыгар толору чинчиттэрэр кыахтаныа.
Холобур, куртаҕа ыалдьар киһи бу күн гастроэнтеролог-бырааска сылдьыан, эндоскопияҕа уонна УЗИ-га түһүөн сөп.
Поликлиникаларга саҥаттан-саҥа технологиялары олоххо киллэрии нэһилиэнньэ эмтиир тэрилтэлэр үлэлэриттэн астынарын уонна табыгастаах усулуобуйаны хааччыйар туһугар оҥоһуллар.