Алтынньы 15 күнүгэр киэһэ Губин уонна Богатырев уулуссалар быһа охсуһууларыгар Toyota Platz уонна Toyota Land Cruiser Prado мааркалаах массыыналар харсыстылар. Саахалга икки киһи эчэйиини ылла диэн киин куорат Госавтоинспекцията иһитиннэрэр.
Ол курдук, Toyota Platz массыына 20 саастаах суоппара Федор Попов уулуссатын өттүнэн айаннаан иһэн хаҥас диэки эргийиигэ утары иһэр массыынаҕа суолу биэрбэтэх.
Саахал түмүгэр массыына суоппардара араас эчэйиини ылбыттар. Суһал мэдиссиинэ биригээдэтэ кинилэри балыыһаҕа илдьибит. Toyota Platz суоппара мэйиитин доргуппут, онтон иккис массыына суоппара моонньун өлөрбүт. Бэлиэтииллэринэн, саахал кэмигэр суоппардар арыгы испэтэхтэрин быһаарбыттар.
Билиҥҥитэ быһылаан тула бэрэбиэркэ ыытыллар.
Саха сирэ