Бэҕэһээ Дьокуускайга Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа киһи өлүүлээх массыына саахала буолла. Утары харсыһыы түмүгэр биир массыына суоппара өлбүт.
ГИБДД биллэрэринэн, «Тойота Аллион» массыынаны ыытан испит суоппар утары суолга киирэн «Сузуки Серво» массынаны кытта уун утары харсыспыт.
«Сузуки Серво» массыына 71 саастаах суоппара ылбыт эчэйиилэриттэн сонно тута тыына быстыбыт. “Тойота” суоппара инспектордар кэлэллэрин күүппэккэ саахал тахсыбыт миэстэтиттэн күрээбит. Кини массыынатыгар пассажирдар бааллара биллэр. Куоппут массыынаны көрдөөһүн ыытыллар.
Егор Карпов, Саха сирэ