22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга маҕаһыынтан куурка уоран баран атыылаабыт киһини туттулар

15:03, 26 октября 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай биир маҕаһыыныгар урут сууттана сылдьыбыт 46 саастаах эр киһи куурка уорда. Уорбут кууркатын ааһан иһэр киһиэхэ 500 солкуобайга атыылаабыт.

Саха сирин ИДьМ иһитиннэрэринэн, эр киһи маҕаһыыҥҥа тас таҥаһа суох киирбит уонна сөбүлүү көрбүт кууркатын кэтэн баран тахсан барбыт. Уорбут кууркатын бу киһи маҕаһыынтан тахсан ааһан иһэр киһиэхэ 500 солк. атыылаабыт. Бу ылбыт харчытынан баттаҕын кырыттарбыт уонна арыгы атыыласпыт.

Эр киһини куорат биир ырыынагыттан туттулар. «Уоруу» диэн ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар