SuperJob үрдүк төлөбүрдээх үлэни көрдүүр сервис Дьокуускай тэрилтэлэригэр ыйытыы оҥордо.
Онно биллибитинэн, үлэни биэрээччи 32% «удаленканы» сэргиир.
10 хампаанньаттан сэттэтигэр тэйиччиттэн персонал 10% үлэлиир. «Удаленкаҕа» программистар, бухгалтердар, инженердар, атыы отделларын сотрудниктара уонна клиентскай менеджердар үлэлииллэр.
Хампаанньалар 8%-нарыгар кыраныысса таһыттан үлэлиир сотрудниктардаахтар.