Саха балет профессиональнай балерината, балет педагога, хореограф, Дьокуускайдааҕы балетнай оскуоланы төрүттээччи, бастакы дириэктэрэ уонна салайааччыта, Арассыыйа уона Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Наталья Семеновна Посельская төрөөбүтэ 75 сылынан Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра “Киһи” этнобалет кини сырдык аатыгар анаан көрдөрдө.
Тыйаатырга балетнай оскуоланы бүтэрбит үгүс артыыстар ситиһиилээхтик уонна таһаарыылаахтык үүнэ-сайда, айа-тута, үҥкүү абылаҥар ылларан үлэлии-хамныы сылдьаллар. 2002 сыллаахха аан бастаан балетнай оскуола норуодунай салаатын бүтэрбит эдэркээн оҕолор үҥкүү тыйаатырыгар үлэҕэ киирбиттэрэ. Олортон биирдэстэрэ Изабелла Егорова — чаҕылхай үҥкүүһүт, эдэрдии эрчимнээх. Эбиитин кини өссө режиссер иккис үрдүк үөрэҕин бүтэрэн бу сылларга элбэх сыралаах, таһаарыылаах үлэлэри көрсөн, буһан-хатан эһиил үҥкүүлээбитэ номнуо 20 сыла буолар. Изабелла Егорова – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, үгүс элбэх таһымнаах тэрээһиннэр режиссера. Изабелла бу “Киһи” этнобалет режиссера уонна үҥкүүтүн туруорааччыта. Либретто ааптара уонна консультана – Афанасий Федоров. Мууксукатын хампаһыытар Моисей Кобяков айан суруйбута. Таҥас-сап, сценография өттүн худуоһунньук Екатерина Шапошникова баһылаабыта. Бу испэктээк премьерата ахсынньы 17 күнүгэр 2019 сыллаахха буолбута. Бэҕэһээ иккис көстүүтэ буолан ааста. Испэктээк алта хартыынаттан турар. Былырыын бу испэктээх туһунан режиссер Афанасий Семеновичтыын олорон кэпсэтэн турардаахпын, онтон быһа тардан билиһиннэриэхпин баҕарабын: “Айыы киһитэ аһыныгас, Күн киһитэ көмүскэс”, — диэн саҕалаабыта биһиги баар суох убаастыыр режиссербыт, алгысчыппыт, саха төрүт култууратын сөргүтээччибит. Бу Орто туруу Аан дойдуга Үөһэ үрдүк Айыылар саамай өйдөөҕү, бэйэ-бэйэни кытта кэпсэтэр тыллаах, аһыныгас, үөрүнньэҥ, өһүргэс, кыыһырымтаҕай бары кыыллартан ураты мөссүөннээх киһини айбыттара.
Киһини Үөһээ айыылар Орто дойдуну көр, дьаһай, харыһый атын кыыллары атаҕастаама, оккун-маскын мэнээх алдьатыма харыһый, эн кэннигиттэн эмиэ атын оҕолор олоруохтара, онно айылҕа күөлэ, өрүһэ, тыата, ойуура киртийиэ, алдьанан бараныа суохтаах диэн төбөлөрүгэр эттэригэр-хааннарыгар сорудахтаан ыыталлар. Киһи Үөһэ айыылары ситимнэһэр алгыстарын сиэр-туом көмөтүнэн, олоҕун дьоллоохтук саҕалыыр. Куһаҕан хараҥа күүстэр Аллараа дойду адьарайдара Орто дойду икки атахтааҕын сөбүлээбэккэлэр барытын суох оҥоро, алдьата-өлөрө сатыыллар. Былыр биир эмэ киһи дьоҥҥо кыыһыран тэбиэһирэ-тэбиэриһэ охсон-кырбаан бардаҕына кырдьаҕастар этэр буолаллара “Абааһыта киирбит”, “Абааһы аргыстаспыт киһитэ”, “Ити да буоллар сороҕор киһитэ киирэр ээ”, “Ээ кинини кытта бодоруһума, иһигэр икки муостаах абааһы олохсуйбут ыамата” онтон да атын тыллары туттар буолаллара. Ымсыык, бэрт былдьаһар, күнүүһүт, иҥсэлээх-оботтоох, кэччэгэй, бас-баттах тыллаах, баламат-соҕуомнаах киһиттэн дьон былыр тэйэ тутта сылдьаллара.
Оттон күлэ-үөрэ, кыамматтарга көмөлөһөр, кырдьыксыт (чиэһинэй) сиэри-туому ытыктыыр, оту-маһы харыстыыр үтүө санаалаах киэҥ көҕүстээх, сытыары сымнаҕас киһини “дьэ бу киһи-киһитэ, дьиҥнээх айыы оҕото” – диэн киэн туттан кырдьаҕастар кэпсиир этилэр. Ол иһин мин кыра сылдьан кырдьаҕастар этэллэрин киһини икки суолга араарар этим. “Киһи киһитэ, айыы оҕото”, ”Абааһы имнэммит киһитэ” бу икки этиини өйбүттэн сүтэрбэккэ баччааҥҥа диэри илдьэ кэлэммин “Киһи” диэн үҥкүү тыйаатырыгар анаан сценарий суруйбутум. Сценарийбын тыйаатыр дирижерыгар Николай Павлович Петровка көрдөрбүтүм. Киһим бэркэ сөбүлээбитэ, кини сүбэтэ-амата көмөлөспүтэ. Олус улахан тема буолан тахсыбыта. Худуоһунньук Екатерина Шапошникова, хореограф Изабелла Егорова төрдүө буолан үүннээн-тэһииннэн сценарийын чопчулаан бүтэрбиппит. Муусукатын Николай Петров оҥоруох буолан баран араас мэһэйдэр үөскээннэр Михаил Кобяков диэн эдэр оҕо ылан саҥа үйэ муусуктын айан таһаарбыта. Онон бу эдэр кэскиллээх, айар куттаах дьону кытары аныгылыы хамсаныылаах, аныгы муусукалаах “Киһи” диэн этнобалет күн сирин көрбүтэ”.
Бэҕэһээ этнобалет кэнниттэн көрөөччүлэри кытары сэһэргэстим. Кинилэр санааларын үллэстибиттэрин кэпсиэхпин баҕарабын: Анна Стручкова – устудуьуон: «Мин бу этнобалеты иккистээн көрө кэллим. Бу сырыыга дьүөгэлэрбин кытта сырыттым. Наһаа интириэһинэй, саха фольклоругар олоҕуран аныгы хамсаныылаах, тэтимнээх испэктээк. Үҥкүүһүттэр таһымнара үрдүгэ харахха быраҕыллар. Программка баар буолан барытын сирдэтэ олордубут. Тойон Абааһыны толорбут Сергей Алексеевы уонна кини дьүөгэтин Муҥур Кутуругу Саина Винокурованы барыларыттан чорботтум. Эчи хамсаныылара күүстээҕэ сөхтөрөр. Эриллии-мускуллуу, ыстаныы, сүүрүү-көтүү. Тускулу үҥкүүлүүр Эдуард Жирков эмиэ уол оҕото бастыҥа, эмискэ буккуллан-тэккиллэн, дьонун-сэргэтин умнан, быраҕан, таҥнаран, сор-муҥ бөҕөтүн көрсөн, түҥ-таҥ баран, ийэтин сүтэрэн, дьэ онтон өйүн-төйүн хомунан, сырдык олоххо талаһан, тулуур-дьулуур көмөтүнэн бар дьонугар-сэргэтигэр төннөн, тапталын көрсөн, киһи киһитэ буолар”.
Сайнаара Никифорова – культуролог: “Этнобалет өрө көтөҕүллүүлээхтик саҕаланар. Үөһэ айыылар орто дойду олоҕун хайдах айаллара көстөр. Саҥа олох, эдэр дьон таптала, оҕо төрөөһүнэ. Дьэ онтон туран баар суох уоллара Тускул буккуллуута, аллараа дойду адьарайдарын албыныгар киириитэ, орто дойдуттан күрээһинэ, абааһы кыыһын Муҥур Кутуругу батыһыыта, кинилэр быһыыларыгар-таһааларыгар киириитэ, кинилэр сабыдыаллара, охсуулара көстөр. Ити кырдьык барыта олохтон ылыллыбыт. Төһөлөөх эдэр ыччат буккуллубута буолуой? Уол оҕо дьылҕата түһүүлээх-тахсыылаах, өйү-төйү, быһыыны-таһааны сүтэриилээх. Изабелла Егорова улахан уонна сытыы проблеманы үҥкүүнэн дьүһүйэн көрдөрдө. Бэйэтэ Тускул ийэтин ис киирбэхтик толордо. Партнера Василий Эверстов бу тыйаатыр биир чаҕылхай солиһа, тутаах үҥкүүһүтэ, эр киһилии лоп бааччы, сэмэйдик, күүстээхтик уонна итэҕэллээхтик уобараһын арыйда. Тускул дьонун-сэргэтин таҥнарбытын, сиэрин-майгытын сүтэрбитин өйдөөн, дьонугар төннөр. Дьоно-сэргэтэ хайыахтарай? Төһө да абардаллар, төһө да хомойдоллор, төһө да кыһыйдаллар, киэҥ көҕүстээх, инникини турумнуур буоланнар уолларын өйдөөннөр-өйөөннөр, бырастыы гыналлар, төттөрү ылаллар. Олох диэн олох бара турдаҕа… Хата финал бэрт кэрэхсэбиллээхтик түмүктэннэ. Тускулбут аналын көрүстэ. Үҥкүүһүттэр бары да тэҥнэр, бары да күүстээхтэр, дэгиттэр эбиттэр, эдэр дьон диэх курдук, тэтимнэрэ, эрчимнэрэ сүрдээх, быһыылара-таһаалара киһини сөхтөрөр. Айыылары аркыастыр артыыстара толорбуттара, үөһэ дойдуга кэчигириһэн тураллара көстөрө эмиэ кэрэхсэбиллээх. Биирдиилээн үҥкүүһүттэр тустарынан эттэххэ, Саина Винокурова – Муҥур Кутурук эриэккэс талааннаах, сэниэлээх, имигэс, уҥуоҕа суох курдук, наһаа чараас, уобараһын чахчы арыйан толордо. Кини партнера Сергей Алексеев – Тойон Абааһы, аллараа дойду адьарайа, киитэрэй, албын, күүстээх-уохтаах үҥкүүнү уонна былааһын, салайарын, дьаһайарын, дьиппиэнин, кими да харыстаабатын көрдөрдө, кыанара-сатыыра сөхтөрдө. Изабелла Егорова – Уйгулаана, Тускул ийэтэ, уйгу-быйаҥ олоххо олоруоҕун, тапталлаах оҕото Тускул буккуллан, сиэри-туому тутуспакка, өбүгэлэр тылларын-өстөрүн умнан, дьонун таҥнаран, ийэ барахсан сүрэҕэ ону тулуйбакка, күн сириттэн күрэнэр. Модун – Василий Эверстов – Тускул аҕата, сахалыы сэмэй күүстээх санаалаах эр киһи оруолун ис киирбэхтик толордо. Изабелла режиссер да, хореограф быһыытынан артыыстарын оруолларга саамай сөпкө талбыт”.
Дьэ, ити курдук Юрий Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр Үҥкүү тыйаатырын биир аныгы “Киһи” этнобалетыгар билиҥҥи кэмҥэ балайда элбэх көрөөччү мустан, күндүтүк саныыр, убаастыыр киһибит Наталья Семеновна Посельская сырдык аатын, кини үтүөтүн, балет уонна үҥкүү сайдыытыгар киллэрбит сүдү улахан кылаатын махтанан туран бары санаан аастыбыт…