Дьокуускайга икки саҥа автовокзал тутуллуоҕа. Октябрьскай уулуссатыгар баар эргэ эбийиэк сабыллыаҕа.
Саҥа тутуулары аэропорт уонна национальнай медицина киинин таһыгар оҥорор былааннаахтар. Ол туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев «Россия 24» телеханаалга «Прямой эфир с городом» биэриигэ эттэ.
«Икки автовокзал тутар былааннаахпыт. Аэропорт уонна медкиин таһыгар. Ити айан иһин сыананы тэҥниэҕэ, айаҥҥа хааччахтааһыннар суох буолуохтара уонна куорат киинигэр баар автовокзалтан босхолонуохпут», — диэтэ кини.