100 саҥа оптуобустан 65-һэ «ЯПАК» муниципальнай тэрилтэ маршрутунан айанныахтара, олортон уона — куорат таһынааҕы муниципальнай нэһилиэктэр ики ардыларынан сылдьыахтара. 35 оптуобуһу коммерческайа суох чааһынай «Союз Авто» тэрилтэ туһаныаҕа диэн уокуруктааҕы дьаһалта пресс- сулууспата иһитиннэрэр.
МКУ «Пассажирские Перевозка тэрийээччи» иһитиннэриитинэн, 100 саҥа тиэхиникэ икки партиянан кэлиэҕэ. Бастакы партияны кулун тутар 27 күнүгэр диэри, иккис партия – муус устар 10 күнүгэр диэри аҕалаллара былааннанар.
«ЯПАК» МУП атыыласпыт улахан кылаастаах 65 автобус куорат уонна куорат таһынааҕы маршруттарынан сылдар буолуоҕа, 10 оптуобус чугас оройуоннарга — Горнай, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ- Хаҥалас улуустарыгар, соҕуруу хайысхаҕа-Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар муниципальнай рейстэр ыытыллыахтара.