Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ 8 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.
Мииринэй уонна Ленскэй оройуоннарга уопсайа 1,8 мөл. солк. суумалаах түөкүннээһин туһунан буруйунан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу икки түбэлтэҕэ түөкүттэр баан үлэһиттэрэбит диэннэр угаайыга киллэрбиттэр.
Дьокуускай куоракка матассыыкылы уоран илдьэ барбыттарын туһунан иһитиннэрии киирдэ.
1980 с.т. киһи Дьокуускайга Мархиҥка уулуссатыгар тутулла турар дьиэ иккис этээһиттэн сууллан түһэн, эт-хаан эчэйиитин ылан, балыыһаҕа киирдэ.
Бүлүү оройуонугар Бүлүү өрүскэ балыктыы сылдьан 1970 с.т. киһи ууга былдьанна. Өлүгэ көстө илик.
Суукка иһигэр икки техногеннай баһаар таҕыста, эчэйбит, өлбүт киһи суох.
Киһи эчэйиилээх суол быһылаана тахсыбыта бэлиэтэммэтэ.
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу биир түбэлтэтэ, төлөпүөнү уоруу бэлиэтэннэ.
Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Ону таһынан Дьокуускай куорат Лермонтов уулуссатыгар турар элбэх кыбартыыралаах дьиэ 2-с этээһиттэн сууллан, 1977 с.т. эр киһи балыыһаҕа киирдэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Мүрү» айан суолун 7 км-гэр «Тойота Аллион» мааркалаах массыынаны ыытан испит дьахтар уруулун сатаан туппакка, «Тойота Филдер» мааркалаах массыынаны кытары харсыста. Суол саахалын түмүгэр, 2015 сыллаах төрүөх икки оҕо эт-хаан эчэйиитин ылан балыыһаҕа киирдэ.
Ньурба улууһун Акана сэлиэнньэтигэр икки матассыыкыл харсыста. Быһылаан түмүгэр, «Регулмото» матасыыкылы ыытан испит киһи уонна «Ракермото» матасыыкылга олорсон иһээччи балыыһаҕа киирдилэр.
Сайаана Львова, Саха сирэ