22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга «Буойун» байыаннай-патриотическай киин аһылынна

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Муус устар 15 күнүгэр Дьокуускайга «Арассыыйа-мин устуоруйам» пааркаҕа «Буойун» байыаннай-патриотическай эрэгийиэннээҕи киин аһыллыыта буолла.

Ыччаты дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр «Буойун» киин салайааччыта, «Боотур» этэрээт «Барс-2» батальонун хамандыыра, эр санаа уордьан кавалера Василий Егоров санаатын үллэһиннэ:

— «Буойун» байыаннай-патриотическай кииннэр бүгүн дойду үрдүнэн эрэгийиэннэргэ аһылыннылар. Ол курдук биһиэхэ, Сахабыт сиригэр  эмиэ аһылынна. Кииммитигэр 14-35 саастаах уолаттары бэлэмниэхпит. Сүрүн болҕомтону эт-сиин өттүнэн бэлэмнээх, бэйэни кыанар буоларга уурар санаалаахпыт. Манна ким баҕалаах кэлиэҕэ. Кииммит тиэхиньиичэскэй баазата барыта бэлэм, онон күн бүгүн да ыччаты үөрэтэргэ бэлэммит. Барыта уонча инструктор Тюменьҥа анал үөрэҕи ааһан ыам ыйын диэки кэлэллэр.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов:

— Бүгүн өрөспүүбүлүкэбитигэр «Буойун» диэн ыччаты байыаннай-патриотическай хайысхаҕа бэлэмниир киин аһылынна. Бу Юрий Трутнев көҕүлээһининэн уонна дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн тэрилиннэ диэн бэлиэтиэххэ наада. Бүгүн дойду үрдүнэн маннык уон киин аһылынна. Бу «Буойун» федеральнай киин филиалынан буолар. 42 ыстааттаах үлэ миэстэтэ таҕыста. Киин толору федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр. Биһиги уолаттарбыт, байыаннай дьайыыга кыттыбыт, Тюменьҥа анал байыаннай үөрэҕи ааспыт дьон үлэлиэхтэрэ. Үс ый устата үөрэнэн үөрэтэр, ыччаты патриотическай хайысхаҕа иитэр быраабы ыллылар. Бу киин «Наука дьоҕус акадьыамыйатын» курдук эрээри, хайысхата байыаннай буолар. Оҕолор, ыччат дьон сыл устата симиэнэнэн үөрэниэхтэрэ. Биһиги оҕолору, ыччаты эрдэттэн эт-сиин, өй-санаа өттүнэн бэлэмниэхтээхпит. Манна үөрэммитттэр хайаан даҕаны инникитин байыаннай дьон буолуохтаахтар диэн буолбатах, ол эрээри көмпүүтэргэ бырагыраама, көтөр аппарааттары, тэриллэри кытта билсиэхтэрэ. Ону таһынан эр киһилии бэйэлэрин кыанар буолан тахсалларыгар көмөлөөх буолуоҕа. Бу олус улахан суолталаах. Бүгүн Дьокуускайга аһылынна, ол эрээри бүтүн өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэрин хабан үлэлиэҕэ.

Источник: Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА