Бүгүн Дьокуускай куоракка култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар Дьиэ кэргэн, таптал, эрэллээх буолуу күнүгэр туһаайыллан доруобай олоххо анаммыт дьиэ кэргэн бэстибээлэ буолар.
Куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын оонньуулар, сэрээккэ, квестар уонна квизтар күүтэллэр, маны сэргэ доруобуйа харыстабылын исписэлиистэрэ лекциялары ааҕыахтара, ол туһунан киин куорат дьаһалтата иһитиннэрдэ.
Тэрээһин 16:00 — 19:00 чааска буолар.
Психолог, нутрициолог Олеся Николаева «Питание ребенка и матери», «Как поддержать психологическое здоровье всей семьи?» уонна уопсай гигиена, эпидемиология бырааһа Алёна Саввина «Здоровое питание»лекциялара интэриэһинэй буолуохтара диэн тэрийээччилэр эттилэр.