Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга 52 көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар ыты туттулар, бу иннинээҕи нэдиэлэҕэ 39 ыты туппуттара. Ыттары барыларын приютка иттилэр, манна барыта 1430 кыыл-сүөл иитиллэр.
Ону сэргэ, ааспыт нэдиэлэҕэ дьиэ кыылларын иитиигэ быраабыланы кэһии бэлиэтэнэн үс административнай боротукуол оҥоһулунна, үксүгэр хаһаайыттар ыттарын бэйдиэ ыытан кэбиһэллэр. Сыл саҕаланыаҕыттан барыта 142 боротокуол оҥоһулунна, уонна 186 000 солк. суумаҕа ыстараап түһэрилиннэ. Бу туһунан алтынньы 16 күнүгэр куорат уопсай мунньаҕар иһитиннэрдилэр.