22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга 280-тан тахса суоппары камеранан көрөн куру кэппэтэхтэрин иһин ыстарааптаатылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин олохтоохторугар суол камератын көмөтүнэн суруллубут ыстарааптар кэлэн эрэллэр. Нэдиэлэ иһигэр итинник ыстарааптары Дьокуускайга 280- тан тахса суоппар ылла.

Саха сиринээҕи ГИБДД иһитиннэрбиттэринэн, өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар куттала суох буолууну хааччыйар массыына курун от ыйын 4 күнүттэн камеранан бэлиэтиир буолбуттар. Аҥардас нэдиэлэ эрэ иһигэр 282 тырааныспары бас билээччи ыстыраап тутта. Өскөтүн суоппар курун баанан олорор оттон пассажир суох буоллаҕына, эппиэтинэһи массыына хаһаайына сүгүөхтээх.

Кэнники биэс ыйга өрөспүүбүлүкэ иһигэр ПДД ирдэбиллэрин кэһии иһин 16 тыһыынча кэриҥэ суоппар административнай эппиэккэ тардылынна.

«Статистика этэринэн, куру кэлгинэн олоруу, утары харсыһыыттан ыарахан эчэйиини ылартан 2-2, 5 төгүл, ойоҕоһунан 1,8 төгүл, онтон түҥнэриигэ 5 төгүл аччатар. Массыына охсуу ылар кэмигэр уонна ол да кэнниттэн киһи миэстэтигэр ыга кэлгиллэн олоруохтаах. Бу киһи иннигэр да кэннигэр да олороруттан тутулуга суох», — диэн өрөспүүбүлүкэ ГИБДД-гар бэлиэтээтилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар